Перевод с якутского
дьээбэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы шалость, шутка, проделка, проказа
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Мэник-тэник быһыы, тыл-өс, хаадьы; оонньоон эбэтэр соруйан тугу эмэ тиэрэ оҥоруу
Нууччалыы Шалость, шутка, проделка, проказа
Мэнигэ бэрдиттэн Мэлээйкэ диэн хос ааттаммыт Проня Захаров -- үгүс араас дьээбэлэри, баракаастары оҥорорун ааҕан сиппэккин.
Г. КолесовБиирдэ кини ол-бу дьээбэтэ аһары баран, ыраахтааҕы кинини ыҥыртаран ылан: "Аны эн мин сирбэр үктэнимэ!" – диэн үүрэн таһаарбыт. ҮҮА. Эдэрбиттэн кытаанахтык ииппиттэрэ, ол-бу марай-сарай дьээбэни сөбүлээбэт дьахтарбын Н. Габышев Уолаттар дьэ кинини ыйан-хайан көрдүлэр. Эҥин араас дьээбэ боппуруостары да биэртэлээтилэр. Софр. Данилов. Миичэкэ да өйдөөҕүн өйдөөх этэ да, дьээбэ кыдьыкка булларбыт киһи этэ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Аан тутааҕын үрүҥ кумааҕы салпыакканан тутан баран аһар дьээбэ киһи диэтэҕин. Ыҥырар ы
2 даҕааһын #
Тута-бааччы өйдөммөт, киһи дьиибэргиир
Нууччалыы Вызывающий удивление, непонятный, необычный
3 даҕааһын #
Оонньоон эбэтэр соруйан (хос толкуйдаах, түгэх санаалаах буолан) атыннык, тиэрэ оҥорорун, тыллаһарын сөбүлүүр (киһи)
Нууччалыы Любящий вести себя или говорить с вывертами, шиворот-навыворот (в шутку или специально, умышленно). [Бүөччээн оҕонньор] далаҕа, сааһын тухары дьээбэ, үөннээх бэлэс миигин, күн судаар -- итэҕэллээх кулутун үөҕэн үөттэ
Сеня, дьээбэ муҥутаан, Айаан суоҕар Мишаны сууст[уура]
Н. Лугинов
4 этии #
Дьээбэ хаата аат., кэпс. – дьээбэни-хообону сөбүлүүр, куруук дьээбэни оҥоро уонна дьээбэтик тыллаһа сылдьар киһи Ылдьаа ол иһин, эдэр уонна дьээбэ хаата киһи быһыытынан "туохтааһыны" этиитин ахсын туттара. "ХС"
Нууччалыы Охотник и мастер на проказы, проделки, на шутки-прибаутки, шутник, проказник