Перевод с якутского
дьүккүҥнээ
дьүккүй диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Нартаахап өрө сыҥан баран, кураанаҕынан ыйыстымахтаан дьүккүҥнээбитэ уонна сымыһаҕын ытыран баран, хабырынан хачыгыраппыта. Софр. Данилов. Сити кэмҥэ биир оҕус суолун кини быһа түһэн туораан, ойбон диэки дьүккүҥнүү турда. Амма Аччыгыйа [Өкүүсэ] били бэйэтин эрэ буолуохсуту таба көрбүтэ: аан ороҥҥо тиийэн утуктаан дьүккүҥнүү олорор эбит. Эрилик Эристиин Аркаас суоһурҕанан киҥинэйэн ылла, уоһун чорбоҥнотто, сибилигин саба түһүөх айылаах дьүккүҥнээтэ, өкөччү тутунна. С. Дадаскинов