ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүлэй

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы глухой

English deaf

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

Нууччалыы глухой

English deaf

  • дьүлэй киһи
    глухой человекa deaf person

2 аат тыл #

Нууччалыы глухота

English deafness

  • дьүлэйэ бэргээбит
    его глухота усилиласьhis deafness increased

3 даҕааһын #

даҕ

  • Уларыт диибин – дьүлэйгин дуу, хайа үөдэҥҥин дуу?
    Суорун Омоллоон
  • Били дьүлэй буола оонньообутум, кырдьык, дьүлэй буолан хааллым дуу.
    С. Ефремов
  • "Нохоо! Тохтоо эрэ, дьүлэйгин дуу, тугуй? Ыйыталлар буолбат дуо, дьонуҥ ханна барбыттарай?!" – диэн [киирбит дьонтон биирдэстэрэ] көбүөлээтэ
    ПНИ ДКК

4 даҕааһын #

Тугу да истибэт эбэтэр саамай улахан тыаһы, саҥаны эрэ истэр

Нууччалыы Глухой, тугоухий. [Мүлдьү таҥараттан көрдөһөр:] Айыы тойон, биһиги оҥоруубутун уларыт

5 даҕааһын #

Туох да быыһылаабат, ханан да быыһа-арда суох, биир кэлимсэ (хол., хабыс-хараҥа түүн)

Нууччалыы Сплошной, без отверстий, непроглядный (напр., свет)

  • Дьүлэй түүн Ыас хараҥатынан Ыган тиийэн кэлбит.
    П. Тобуруокап
  • Мин истэбин – түҥ бараан түүн үөһүн Дьүлэй чуумпутун үргүтэн, Халҕан "хаачыгы-ыыр" тыаһыырын.
    М. Ефимов
  • Ол иһэн көрдөҕүнэ: Түннүгэ-үөлэһэ суох Дьүлэй тимир дьиэ Түҥнэри холоруктуу турар эбит.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • [Сир тымырын уута] Төһө мөлүйүөн сыл буолла Чөлө суох Дөйө тоҥмут Дьүлэй буор анныгар Түһэн сыппытыҥ?
    ХС

6 даҕааһын #

поэт. Тугу да билиэн-көрүөн баҕарбат, туохха да кыһаллыбат, бүтэҥи

Нууччалыы Ничем не интересующийся, замкнутый, бездушный, бесчувственный. [Кэччэгэй баай] Килэгир харах, Килиэдэ сирэй, Дьүлэй куҥ, Ньүдьү-балай, Улуу киһи!

  • Аһынабын кулгааҕар куба буолбатах, Дууһатыгар тураах чохчойбут муҥнааҕын. Ол эрээри дьүлэй сүрэхтээх сыанаһыты Кэрэ кэрэтин туһугар аһынымыаҕыҥ!
    С. Данилов
  • Табаарыстарын тылын истибэт киһини дьүлэй суобастаах диэххэ сөп
    А. Федоров

7 этии #

Нууччалыы Совершенно глухой (букв. глухой как камень)

Этиилэр

Таас дьүлэй

адьас тугу да истибэт Икки сыллааҕыта сайын уолум Эрбантей күрээн хаалбытын уонна кыыһым биир Бурхалей диэн киһини кытта хаайыыттан куотан хаалбыттарын иһин, тойонум Атен төбөбүн үлтү сынньан кэбиһэн, таас дьүлэй буолан хааллым.

  • Оҕуруктаах санаалаах Дэлиһиэй кинээс халыҥ халыымҥа ымсыыран Өкүүсэни алта уончалаах таҥхайа кырдьыбыт, таас дьүлэй, кэп-дьэбэр оҕонньорго кэргэн биэрэргэ быһаарынар.
    ХС
  • Харамайдартан барыларыттан сахсырҕа, улитка уонна муора сулуһа олох истэр дьоҕурдара суох таас дьүлэйдэр. ДьДьДь. П. -монг. дьулей

«ДЬ» буукуба