Перевод с якутского
дьүүл
аат тыл
Нууччалыы судебное разбирательство
English discussion
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Буруйдааҕы суут көрүүтэ, ырыҥалааһына
Нууччалыы Судебное разбирательство
Бүгүн суут дьүүлэ буолар. Кини [Макаар] түһээн айыы тойон дьүүлүгэр эппит тыла норуот муҥнаах олоҕун, ыар дьылҕатын утары уһулуччу күүстээх бырачыас курдук иһиллэр. ССЛИО. Мачча [киһи аата] өрөбөлүссүйүөннэй трибунал дьүүлүн мүччү түспэтин! ХС
2 аат тыл #
Буруйдааһын туһунан суут, үрдүкү тэрилтэ уурааҕа, быһаарыыта
Нууччалыы Судебный приговор, решение суда или высшей инстанции
Онтон кинээстэр дьүүллэринэн төрдүөн түөрт аҥыы кумалааҥҥа тарҕаспыттара. Эрилик Эристиин Тугунан эрэ баайсан, көхөлөһөн, куорат суутунан эргитэн, биһиги ходуһабытын былдьыырга дьүүл таһаартарбыта. ХС Поэты быыстала суох кырбыыллар, муҥнууллар, өлөр дьүүлүн таһаараллар. М. Джалиль (тылб.)
3 аат тыл #
Элбэх буолан мустан тугу эмэ үчүгэйин-куһаҕанын, сөбүн-сыыһатын ырытыы, быһаарыы
Нууччалыы Коллективное обсуждение, разбор, анализ чего-л
"Кыһыл сулустар" [литературнай холбоһук] сурунааллара таҕыстар эрэ дьүүлгэ туруоран тиргиитээбитинэн бараллар. Амма Аччыгыйа Бырабылыанньа ити боппуруоһу уопсай мунньах дьүүлүгэр туруорбут. А. Федоров Майатааҕы норуодунай тыйаатыр сыллааҕы репертуарнай былаанын художественнай сэбиэккэ дьүүлгэ туруоран, бигэргэттэрэн үлэлиир. АҮ
4 аат тыл #
Сэмэ
Нууччалыы Осуждение
Бу Хабах уола Муустуйу тутан дьүүлгэ туруор, мин сирбин ыла сылдьыбытын иһин. Эрилик Эристиин Манна сытар сүүһүнэн тыһыынчалар Арай бары туран кэллиннэр, "Фашистары дьүүл саамай кытаанаҕар туруора охсуҥ!" – диэх этилэр. И. Эртюков П. -монг. дыйүл