Перевод с якутского
дэйбиир
аат тыл
Нууччалыы махалка
1 аат тыл #
Сылгы кутуругун кылынан оҥоһуллубут кумаартан сапсынар мал
Нууччалыы Махалка (из конского хвоста для отпугивания комаров)
Кутурук кылын төрүт өттүн таҥаска өрөн, эбэтэр инчэҕэйдии сүлээт, мас укка кэтэрдэн дэйбиир оҥостоллоро. АНП ССХТ. Бөдөҥ-садаҥ киһи, өһөх тураҕас атыттан ыараханнык ыстанан түһэн баран, кыл дэйбииринэн сапсына-сапсына, нүһэрдик дьаһайбыта. Далан Костя былыргылыы уһун, сыыйыллаҕас хара сылгы кылынан оҥоһуллубут дэйбииринэн аа-дьуо охсунан кэбистэ Н. Заболоцкай Атын түбэһиэх матырыйаалтан оҥоһуллубут кумаартан сапсынар мал (хол. хатыҥ лабаата). Θ Махалка от комаров, сделанная из подручных материалов (напр. ветка березы). Ананий түһэн кымньыы быһынна. Оттон Надя хатыҥ лабаатын тоһуттунан дэйбиир оҥоһунна. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
[Ала-буркун] Таас хайалар тэллэхтэригэр үүммүт такыр-бакыр мастарынан дэйбиир курдук сапсынар И. Данилов
2 этии #
Нууччалыы Держать кого-л. для мелких услуг, посылок, "мальчиком на побегушках"
Этиилэр
Дэйбиир оҥоһун
кими эмэ илии-атах, сорук-боллур оҥоһун Кинини ким барыта соруйар, итинтэн-мантан "Микиитээ!
Тыа уолаа!", – диэн хаһыытаан дэйбиир оҥостоллор. Амма Аччыгыйа Оҕоҕун от-мас тиэйтэрэн муҥнуур эбиккин дии! Ханна бараҕын да, дэйбиир оҥостоҕун. М. Доҕордуурап