ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэлэ

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы подходящий, достаточный, вполне сносный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Киһи маннык диэх курдук, сөбүгэр, сөбүгэр аҕай (сүнньүнэн итиниэхэ утары ис хоһоонноох этиилэргэ туттуллан "киһи маннык диэн сатаан эппэтин курдук", "олус" диэн өйдөбүллэнэр)

Нууччалыы Подходящий, достаточный, вполне сносный (обычно употр. в выражениях с противоположным значением и приобретает значение "совершенно несносный, нетерпимый, такой, что даже трудно вообразить")

  • Сайын оҕус сыарҕатыгар тиэллэр таһаҕаһы тэлиэгэнэн тиэйэр эбитэ буоллар, дэлэ хотуулаах буолуо этэ дуо.
    Эрилик Эристиин
  • Кырдьаҕас киһиэхэ дэлэ сымнаҕас, дэлэ үчүгэй тэллэх буолуо этэ дуо?
    Н. Заболоцкай
  • Ылбатым, тоҕойуом, ылбатым. Дэлэ оҕуруктаах дьахтар буолбатах, тугу эрэ санаан сыҥалыы сатыыра буолуо дии санаатым
    М. Попов

2 даҕааһын #

Манан, бэтэрээнэн (наһаа буолбатах)

Нууччалыы Всякий, обыкновенный, простой

  • Дэлэ киһи эккирэтэн кэлэн сүүйүүтүн ылан барбат кырдьаҕаһа!
    Амма Аччыгыйа
  • Кыһыҥҥы бытархан тымныы. Сайынын хараам кумаара, ыаҕастаах уунан кутар ардах. Дьэ итини дэлэ киһи тулуйуо дуо? А. Кривошапкин (тылб.)
  • Икки кыыс булгуччу кэлэр дьон, дэлэ үөрбэтэхтэрэ.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • [Кутаа Хобороос:] Саатта, дэлэ буолбат этиҥ.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Хайа, тоҕойуум, ол былыр үйэҕэ арахпыт дьахтар эйиэхэ кэлэн бэрт, дэлэ муҥҥа
    Э. Соколов

3 сыһыат #

Хайдах... Хайдах курдук! (Ыйытык этиигэ сөҕүүнү-махтайыыны көрдөрөр уонна бигэргэтэр өйдөбүлү биэрэр)

Нууччалыы Как... Какой; Очень; Еще бы не... (В риторических вопросительных предложениях употр. при выражении удивления и придает утверждающий смысл). Аҕам мин туспар, соҕотох оҕом дии-дии, дэлэ муҥнаммыта буолуо дуо? А. Федоров. Кыыс чугуруҥнаан, кэннинэн хааман иһэн таҥаһын сабыта туппахтаата, саҥа таҥаһы таҥныан баҕарара дэлэ буолуо дуо? А. Сыромятникова. – Баһылаай, эн дойдулуоххун баҕараҕын дуо? – диэн ыйытта [Байыаннай комиссар]. – Ээх дэлэ дуо, – диэн өрө көтө түстэ Баһылай. Н. Түгүнүүрэп

4 сыһыат #

Олох, адьас, туох да иһин, букатын (мэлдьэх этиигэ күүһүрдэр, бигэргэтэр өйдөбүлү биэрэр)

Нууччалыы Ни за что, ни в коем случае, совершенно; не без надобности, не напрасно (в отрицательных оборотах придает утверждающий, усиливающий смысл)

«Д» буукуба