Перевод с якутского
ибир
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы помеха, препятствие
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
, фольк. Моһол, мэһэй
Нууччалыы Помеха, препятствие
Илин атаххыт ибирэ суох буоллун! (алгыс.). Илин өттүгүт ибири билбэтин!
П. ОйуунускайДоҕорбун иннин ибирэ суохтук тиэрт.
П. ОйуунускайСр. тюрк. им ‘мучение, беспокойство’; ‘труд, работа’
2 даҕааһын #
даҕ
Ибир долгунунан бигээн тугу барытын утутарга дылы...
Суорун ОмоллоонИбир тыал имнэнэн салгыйар, Им түһэн барыарар. А. Абаҕыыныскай Ибир салгын сөрүүн тыына Ходуһаны оргууй сабар Л. Попов
3 даҕааһын #
Бэрт кыратык, биллэр-биллибэттик хамсыыр
Нууччалыы Еле, чуть заметно, двигающийся, подрагивающий
4 даҕааһын #
Бытархай таммахтарынан түһэр (ардах туһунан)
Нууччалыы Мелкий (о дожде)
Ибир самыыр ибиирдэ. Күннүк Уурастыырап Түһэн ааспыт ибир ардах таммахтара оҕуруо буолан, окко-маска ыйаннылар Л. Попов
5 даҕааһын #
Кыра, чараас
Нууччалыы Маленький, тоненький
Ибир илиилээх, амынньыар атахтаах баар үһү (тааб.: тахтай). Ибир дьаҕыл былытынан Эркээйи туруорда Саха фольк