ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иирээки

аат тыл

Нууччалыы человек, страдающий душевным, психическим расстройством

1 аат тыл #

Төбөтүнэн ыалдьар, булкуллар киһи

Нууччалыы Человек, страдающий душевным, психическим расстройством

  • Иирээкилэри эмтиир балыыһаларыгар бара сырыттым.
  • Куоракка иирээкилэр дьиэлэригэр төкүнүттүлэр. Бастаан укуол чабылыннардылар
    Э. Соколов

2 аат тыл #

сөбүлээб. Наһаа бардам-баламат, иирбит киһиэхэ маарынныыр майгытынан сөбүлэппэт киһи (үксүн үөхсүүгэ тут-лар)

Нууччалыы Психически неуравновешенный человек

  • Гитлер иирээки бэргиирин үгэнигэр Сэбиэскэй Сойууһу үс нэдиэлэ иһигэр кыайыах буолан мэнэрийбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • "Сымыйа! Хата, бэйэҥ иирээкигин!" – уол, тохтуу түһэн баран, итинник этэн чаҕылыннарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта
    В. Гаврильева

«И» буукуба