ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иистэнньэҥ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы портниха, швея

1 аат тыл #

Таҥас тигээччи, ииһинэн дьарыгырар киһи, иис идэтин баһылаабыт киһи (үксүгэр дьахтар)

Нууччалыы Портниха, швея

  • Иистэнньэҥтэн иис арахпат (өс ном.). Билигин миигин кытары иистэнньэҥҥэ барыс.
    Н. Якутскай
  • Иистэнньэҥнэр тигиллэр таҥас хаачыстыбатын тупсарарга, үлэ бириэмэтин муҥутуурдук туһанарга дьулуһан үлэлииллэр
    Кыым

2 даҕааһын #

суолт. Үчүгэйдик иистэнэр, иискэ талаана тахсар (дьахтар)

Нууччалыы В совершенстве овладевшая швейным мастерством

  • Хата ол эрэйдээҕим, Өкүлүүнэм, бэрт сымнаҕас, сүр үлэһит, иистэнньэҥ, саҥата-иҥэтэ суох сылдьан барыны бары үлэлээн бүтэрэн-оһорон иһэр эрэйдээх этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ити Ньургуһун бэрт көрсүө, бэрт үлэһит, бэрт иистэнньэҥ, булчут кыыс
    Дьүөгэ Ааныстыырап

«И» буукуба