Перевод с якутского
иитиилээх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы воспитанный под воздействием определенной морали, традиции
English loaded
1 даҕааһын #
Ханнык эмэ быһыыга-майгыга, сиэргэ сөп түбэһиннэрэн көрүллэн-харайыллан улааппыт (ким эмэ)
Нууччалыы Воспитанный под воздействием определенной морали, традиции
Былыргылыы иитиилээх кырдьаҕас саха бэйэтэ баар сирин аатын ааттаабыт. Амма Аччыгыйа Паратов – аристократическай иитиилээх, советскай туттуу-хаптыы иҥмит киһитэ. Софр. Данилов. [Спортивнай оскуола сыала] спорт ыарахан иитиилээх оҕолору көннөрөр, иитэр күүһүн нэһилиэнньэҕэ көрдөрүү. НЕ
2 даҕааһын #
Эстэргэ бэлэм гына оҥоһуллубут (хол., саа, айа, чааркаан)
Нууччалыы Приготовленный к тому, чтобы выстрелить, разрядиться, заряженный (напр., ружье)
Кини иитиилээх айа курдук, эрчими иҥэриммитин туттуна сатыырга дылы. Амма Аччыгыйа Көмүс тутааччы кинини хайдах эрэ уорбалаан, сиэбигэр укта сылдьар иитиилээх бэстилиэтин бэлэмнии тутан турар. Н. Якутскай Кырдьык, аҕатын саатын, отучча иитиилээх ботуруоннары булан, олус үөрдэ М. Доҕордуурап
3 аат тыл #
суолт. Ытарга бэлэм гына оҥоһуллубут ботуруон
Нууччалыы Заряженный патрон
Үс эрэ иитиилээх хааллым. Буров саатыгар өссө биир иитиилээх этэ ХС