ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иитимньи

аат тыл

Нууччалыы иждивенец

1 аат тыл #

Үлэни кыайбат буолан атын киһиэхэ иитиллэн, аһаан-сиэн олорор киһи (хол. ыарыһах, кырдьаҕас киһи)

Нууччалыы Иждивенец

  • Оттон кини утуйар ороно да суох, ол үрдүнэн атаҕар адаҕалаах, моонньугар чэҥкээйилээх – икки киһи иитимньилээх
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Аһынан-үөлүнэн хааччыйар туох эмэ (үксүгэр сүөһү)

Нууччалыы Источник существования (обычно имеется в виду скот)

  • Былыр-былыргыттан бырыһыанынан мунньуллубут иэскэр бэстилиэнэй иитимньибин туура туттардыҥ.
    А. Софронов
  • Иитимньитэ суох буолан, Илиитин көлөһүнүнэн иитиллибит.
    Эрилик Эристиин
  • Сүөһү диэн саха киһитин иитимньитин биир суол туллар тутааҕа.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)

3 аат тыл #

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ: кыаммат буолан нэһилиэк көрүүтүгэр-харайыытыгар киирбит киһи

Нууччалыы До революции: неимущие, иждивенцы (жившие за счет жителей своего наслега или становившиеся домашними рабами баев)

  • ара да суох буолан, быстаран, иитимньигэ барар дьон буоллахтара.
    А. Софронов
  • Ол кэмтэн төгүрүк тулаайах хааламмын Ыал устун барбытым, – иитимньи буолбутум.
    А. Бэрияк
  • Улуус-улуус аайы быстан-дьадайан, нэһилиэк иитимньитигэр киирбит ыаллар, кумалааннар аҕыйаҕа суох этилэр.
    И. Аргунов
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. кумалаан, умнаһыт

«И» буукуба