ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илиилээх

аат тыл

Нууччалыы человек.

1 аат тыл #

көр илии

2 аат тыл #

Киһи

Нууччалыы Человек. Илиилээх туппатах, саймаархай сандаа маҥан уу тараабыт субуруйар долгун суһуоххун алдьатта. П. Ойуунускай. Илиилээх эчэппэтэх, тыҥырахтаах тыыппатах айылҕа эбэ хотун барахсан айыллыбытынан турара. Далан. Илиилээххэ туттарбат Эрэһиинэ мээчигин Эркин үөһэ тэйитэн Эккирэстии сырытта. Р. Баҕатаайыскай. Суруксут киэнэ ааттааҕа, Илиилээх иннилээбэт буочардааҕа. Баал Хабырыыс

3 этии #

Нууччалыы Намного превосходить кого-л. по силе, ловкости (в спорте, некоторых видах физического труда)

Этиилэр

Илиилээх оҥорбот

илиинэн күрэхтэһиигэ эбэтэр илии үлэтигэр адьас тулуппат Мас тардыһыыга миигин илиилээх оҥорбот. От охсууга илиилээх оҥорбот. Тэҥн. илиилээх-атахтаах оҥорбот. Илиилээхтэн иҥнэстимэ, ойоҕостоохтон охтума алгыс. – өстөөххүн кытта охсуһууга кыайтарар, хотторор диэни билимэ.

Не знать поражения в схватке с врагом (букв. от имеющего руки не опрокинься, от имеющего ребра не падай).

  • Илиилээхтэн иҥнэстибэтин, ойоҕостоохтон охтубатын, татаар тыллаах таба эппэтин, уоттаах харахтаах утары көрбөтүн...
    Саха фольк
  • Иллэҥ барбыт илиилээх фольк. – 1) элбэх иллэҥ үлэһиттээх. Имеющий в своем распоряжении много свободных незанятых (рабочих) рук; 2) охсуһар идэлээх, охсуһууга үөрүйэхтээх киһи. Дающий волю своим рукам; 3) баайын-дуолун, үбүн мээнэ, туһата суох ороскуоттуур, ыһар киһи. Напрасно, попусту (без расчета) тратящий свое имущество, деньги.

Чэрдээх илиилээх

үлэһити, үлэлээн иитиллээччини хоһуйар эпиитэт.

Эпитет, определяющий, характеризующий рабочего, трудового человека.

  • [Михаил:] Биллэн турар, Егор Егорович, чэрдээх илиилээхтэри көмүскээбэт, халыҥ баайын көмүскүүр.
    С. Ефремов
  • Ити сайын эрдэттэн ыла баартыйалаахтар мунньахтара, чэрдээх илиилээхтэр мунньахтара бэрт хойуутук сотору-сотору буолуталаабыттара.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Дьэргэл-дьэрэкээн талбата Чэрдээх илиинэн айыллыбыта. С. Васильев

«И» буукуба