ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

имилин

туохтуур

Нууччалыы быть выделанным, мятым, размягченным

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Таҥастанан, сымнаҕас буол (тирии туһунан)

Нууччалыы Быть выделанным, мятым, размягченным (о коже)

  • Саппыйаан буола имиллибит Сарын таҥастаах Саха киһи... Саха нар. ыр. II. Орон анныгар саҥа имиллибит ынах тириитэ баарынан сабынна.
    Күндэ
  • Хаччаччы хаппыт тириитэ сымнаан, имиллэн барбыт үөрүүтүгэр -- талкы бэлэһигэр түргэн-түргэнник укпахтаан биэрэ-биэрэ -- "Граф Поскевич генерал!" диэн ырыалаах буолан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Ойууҥҥа сымнаҕастык имиллибит таба тириитэ баҕас дэлэйэ биллэр. С. Курилов (тылб.)

2 туохтуур #

Өр туттууттан кумуллан дэхси быһыыгын-таһааҕын сүтэр (хол., таҥас, кумааҕы)

Нууччалыы Быть помятым, измятым (обычно об одежде, бумаге)

  • Кумааҕыта тутарыттан, Илиистэрэ имиллэн, Илдьирийэн бүппүттэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аттаах киһи оҕонньору эргэ түнэ этэрбэһиттэн имиллибит хортууһугар диэри өрө көрөн таһаарда.
    Н. Габышев
  • Имиллибит бүрүүкэ, мырчыстыбыт соруочука, хаанньаллыбыт хаалтыс – ол миэнэ
    В. Ойуурускай

3 туохтуур #

Араастаан мускулла, эриллэ хамсан

Нууччалыы Извиваться

  • Синньигэс биилэ имиллэн, Ситэри араастык холкулла Эттиин-сиинниин эбиллэн, Вова эрдийдэ эрчиллэн.
    П. Дмитриев
  • Дохсун силлиэттэн тыа баһа имиллэн, биир кэм ыдьырыйа хамсыы турда
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Тэлибирээ, илибирээ (сэбирдэх туһунан)

Нууччалыы Трепетать, дрожать (о листьях)

  • Илинтэн тыалырда. Илбиргэс сэбирдэх Имиллэн сиккирии наскыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Солко кур субуллар суугуна диэбитим Имиллэр сэбирдэх илгистэр эбит дуу
    П. Тулааһынап

5 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., үлэҕэ, олоххо) эрилин, бус-хат

Нууччалыы Закаляться, проходить через испытания

  • Хайа, куруутун имиллэр оҕо сылайаахтыыра да буолуо.
    А. Софронов
  • Сэриигэ-сырыыга имиллэн, Күүс дьоруой бэрт аатын ылбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Иискэ имиллибит хатыҥыр -- илиилэрэ үгүстүк көстөр. Софр. Данилов. Күннээҕи иирсээҥҥэ имиллэн, Билигин хал буолан хаалбыппын
    Р. Баҕатаайыскай

«И» буукуба