Перевод с якутского
имитилин
имит диэнтэн атын. туһ. Дьахталлар сукуна курдук сымната имитиллибит таба тириититтэн кырыйан ичигэс таҥаһы тигэллэр. Н. Якутскай Сырдьыгынас алаадьылаах Сылаас чэйи сыпсырытан, Имитиллэн бүтэ илик Икки куобах тириилэнэн, Атын ыалга ааспыта... Күннүк Уурастыырап Имитиллибит ньирэй тириитэ сутуруотун оннугар Тыаһыт Бииктэр бэлэхтээбит билиис ыстааннаах, даба ырбаахылаах. Л. Попов