ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

инчэҕэй

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы мокрый, сырой, пропитавшийся влагой

English wet

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Курдаттыы өтөн илийбит, ууну оборбут

Нууччалыы Мокрый, сырой, пропитавшийся влагой

  • Эмээхсинэ тугу да саҥарбакка, инчэҕэй сарыыны булан аҕалан -- хос-хос тутан баайда.
    Саха фольк
  • Өксүү биир күн куолутунан оҕотун суруйар остуолун инчэҕэй таҥаһынан кылбаччы сотон, субу билигин да киирдэр, үлэлээбитинэн барар курдук оҥоро турбута.
    Н. Заболоцкай
  • Инчэҕэй ис таҥаһын илгэн баран, дьигиһийэ-дьигиһийэ кумахха харса суох сүүрэкэлии сырытта
    Л. Попов

2 даҕааһын #

Сииктээх, илийбит, сиигирбит (туох эмэ таһа, ньуура эрэ)

Нууччалыы Влажный, покрытый влагой (о поверхности чего-л.)

  • Хойуу ыар таммах кэлэн инчэҕэй ытыстарынан тааска эттиирэ, сып-сырдык уот сырдыргыы, өрө саҕылла сытарын курдук буолта.
    Н. Заболоцкай
  • Инчэҕэй кыыһы тымныы салгын биирдэ эпсэри ылан кэбистэ, быһыта хаарыйталаата.
    Л. Попов
  • Инчэҕэй сирэйин саба туттубутунан, уулусса устун бастаан хааман истэ, онтон нүксүччү туттан сүүрэн барда. М. Шолохов (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Уота тиит мутукчатын баратан инчэҕэйигэр тиийэн намтаан эрэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Иһити бигээн, харбыалаан, туох эрэ инчэҕэй соҕуһу туппута, имэрийэн көрбүтэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Хаар ууллан хараарда, Хара сир таҕыста. Бадараан, инчэҕэй ааҥнаата, Бачыыҥка, саппыкы "дьаҥнаата"
    Күннүк Уурастыырап

3 даҕааһын #

Үөл, өссө куура илик (үксүгэр мас туһунан)

Нууччалыы Сырой, свежий, еще не засохший (преимущественно о дереве)

  • Киэһэ бороҥуй буолуута оҕуһа токуруйуор диэри инчэҕэй маһы тиэйэн баран дьүккүтэн киирэр.
    В. Яковлев
  • Аҕыс киһи инчэҕэй иирэ баалкынан дэлби ныһыйан кээспиттэрин кэннэ сарсыныгар: "Көр, ардах кэлээри гынна, дьарҕам ыалдьар," – диэччи киһи ньохчойон олордоҕо
    Н. Павлов

4 аат тыл #

суолт. Ууну оборбут, сииги иҥэрбит туох эмэ

Нууччалыы Что-л. мокрое, впитавшее влагу

5 этии #

Нууччалыы Будь здоров!

Этиилэр

Айаҕар инчэҕэйи киллэрбэт көр айаҕар инчэҕэйи киллэрбэккэ (ас укпакка)

  • Инчэҕэй сырыт! түөлбэ., харыс т. – этэҥҥэ, өлүөр сырыт "Илистибэккэ айаннаа, инчэҕэй сырыт!" – диэн алгыы хаалла.
    ХС

Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан

нэһиилэ, бэрт сорунан; тыыннаах эрэ.

Кое-как, еле-еле (напр., справляться с чем-л.); едва сводя концы с концами (напр., жить).

  • Бэйэлэрэ буоллаҕына, күүстэрэ эстэринэн ыар үлэҕэ эриллэ-эриллэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар. Софр. Данилов. Биһиги үһүөн инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, сэрии ыар сылларын этэҥҥэ туораабыппыт.
    П. Аввакумов
  • Сэттэлээх Миитээни кинилэр, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан иитэн, көрөн-харайан киһи-хара гыммыттара. НЕ ТАО. Сэрии сылларыгар Маайыс балтын Огдуустуун инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, муҥҥа-таҥҥа мускуллан, олороохтообуттар этэ.
    Н. Кондаков
Өссө холобурдар (3)
  • Инчэҕэй эттээх фольк. – киһи, тыыннаах киһи. Человек, живой человек (букв. с мокрым телом). Эйигин кытта инчэҕэй эттээх тулуйан олороруттан ааста.
    А. Софронов
  • Инчэҕэй эттээх тулуйуо суох ынырык ыарыыта бүтүн бэйэтин бүтүннүүтүн үүйэ ылла. Софр. Данилов. Уонна дириҥник долгуйан Улуу иэйиинэн иҥиэттэн Инчэҕэй эттээҕи долгутар Ааттал тыллары мин этиэм.
    С. Данилов
  • Таака уон түөрт оҕо төрөөбүтүттэн тутан хаалбыт инчэҕэй эттээҕэ диэн Нуоралдьымата эрэ этэ. Р. Кулаковскай

«И» буукуба