Перевод с якутского
ирдэбил
аат тыл
Нууччалыы требование, спрос
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ханнык эмэ усулуобуйалары туруоран, ону тутуһары, толорору модьуйуу
Нууччалыы Требование, спрос
Үлэ былаанын оҥорон, кыраапык олохтоон, ирдэбили күүһүрдэр гына тэрийэн, дьону сүһүөҕэр туруора охсуохха наада. В. Яковлев Үлэ тэтимигэр уонна хаачыстыбатыгар эдэр мэхэнисээтэргэ кытаанах ирдэбили туруорара. ХС Кинини [учууталы] сыаналааһын, киниэхэ ирдэбил олох сайдыытын таһымыттан тутулуктанан уларыйа турар Кыым
2 аат тыл #
Ханнык эмэ дьыаланы официальнайдык быһаарарга көрдөһүү
Нууччалыы Требование официального разъяснения по какому-л. делу, запрос
Мин соторутааҕыта биир депутатскай ирдэбили толорон, куорат детсадтарын материальнай-техническэй хааччыллыыларын бэрэбиэркэлээбитим. ХС Дьокутаат бэйэтин компетенциятын иһинэн ханнык баҕарар дуоһунастаах дьоҥҥо ирдэбил оҥорор бырааба олохтонно ФММ ДьКС
3 аат тыл #
суут-сок. Суут буолуон иннинэ дакаастабыл буолар чахчылары хомуйуу
Нууччалыы Предшествующее суду дознание, собирание улик
Борукуруор дьыаланы эбии ирдэбилгэ ыытта
4 аат тыл #
суут-сок. Буруйу оҥорон баран күрээбит, саспыт киһини көрдөөһүн
Нууччалыы Выслеживание и розыск преступников
Ирдэбилгэ сылдьар киһини булбуттар. Эһиги кинилэри тыллаан туттарбатаххына, кинилэр эр ылан, өссө ордук алдьархайы тардыахтара. Онон доҕордуулар күн сарсын ирдэбилгэ турунуох буоллулар Н. Заболоцкай