Перевод с якутского
иринньэх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы болезненный, слабый, хилый, тщедушный
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Ыарытыган, мөлтөх доруобуйалаах
Нууччалыы Болезненный, слабый, хилый, тщедушный
Кытаанах үлэни кыайбата биллэн турар. Кини оҕо эрдэҕиттэн иринньэх. С. Ефремов Кыыс кыра эрдэҕинэ иринньэх этэ. Н. Якутскай Аҕалара иринньэх, одуруун быһа сиэбит оҕолорун кытта бэйэтэ эрэ олорор. А. Федоров
Өссө холобурдар (2)
Төрүөҕүттэн иринньэх эрэйдээх этэ ХС Кэнэҕэски кэлэр ыччакка, Хойукку уһун үйэлэргэ Иринньэххэ ийэ буолар, Араҥҥа аҕа буолар Амарах санаалаахтар төрүөхтэрэ! С. Зверев
2 даҕааһын #
Ситэ-хото илик, ньулдьаҕай
Нууччалыы Неокрепший, слабый
Иринньэх бэйэбитин ииттигит, ньулдьаҕай бэйэбитин туругуртугут, оҕо бэйэбитин улаатыннардыгыт... Ньургун Боотур. Кулут-тойот саарыстыбатыгар төрүөммүн, итэҕэс өйдөөх иринньэх бөлүһүөк буоллаҕым, онон билэрим аҕыйах, көрөрүм элбэх буоллаҕа...
П. ОйуунускайТөһө өр буолла: "-- саах балаҕаннаах сахачааннар" – аатыран олорбуппут?! Хайа, баара-суоҕа үйэ биэстэн биирдэрэ эрэ – сүүрбэ сыл, иринньэх оҕо саҥардыы ситэн, киһи буолуон саҥа санаан эрэр кэмэ эрэ буолла буолбаат?
Суорун ОмоллоонМин остуолу охсортон куттанар Иринньэх сааһым ааспыта И. Гоголев
Өссө холобурдар (3)
Тулаайаҕы туура баттаабыт, Иринньэҕи иҥнэри үктээбит, Хамначчыты хам сөрөөбүт. Саха фольк Бу улуус аайы үөскээн олорор улуу дьаалы баайдар харах уутун хаһааммыттарын, сүрэх хаанын сүүрүктээбиттэрин халты харбатан, сыыһа туттаран илдьэ сылдьарым икки мөһөөх харчы баар, онон иринньэххин иит, ньуолдьаҕайгын улаатыннар. Эрилик Эристиин Ср. тюрк. иринчек, эринчек ‘ленивый’
3 аат тыл #
Ыарытыган, мөлтөх доруобуйалаах оҕо (киһи)
Нууччалыы Болезненный ребенок (человек)
4 аат тыл #
Эт тута, уҥуоҕа кытаата, ситэ-хото илик оҕо
Нууччалыы Еще неокрепший ребенок