Перевод с якутского
искэн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы опухоль; нарыв
English swelling
1 аат тыл #
Киһи, сүөһү этэ туохтан эмэ сүһүрэн иһэн, үллэн тахсыбыта
Нууччалыы Опухоль; нарыв
Кэтириис аатын эрэ чэйдээбит курдук буола-буола, уҥуох буолбут тарбаҕынан сирэйин искэнин имэринэ олордо. Бэс Дьарааһын. Сүөдэр сирэйин искэнэ улам тардан барар. Н. Якутскай Сут дьыл иэдэппит, Хараҕын-сирэйин искэнэ Бүөлээн эрэр эбит Эллэй
2 даҕааһын #
Этиргэн, толору эттээх-сииннээх
Нууччалыы Полнотелый
Хара бараан улахан, искэн киһи иккитэ-хаста, өссө да кэпсэтэн бүтэ илик эбит дуу диэбиттии, ааҥҥа кэлэн турбахтыы-турбахтыы төнүннэ. А. Софронов Өкүүсэ кыыс бэрт искэн доруобай, толуу дьахтар буола улааппыт эбит да, таҥас-сап диэн күттүөнэ суох, илдьи түһэн хаалбыт. Эрилик Эристиин Арыыга буспут собо курдук хааннаах, искэн, модьу киһиттэн улаханнык куттаммыта Д. Таас