Перевод с якутского
истээччи
аат тыл
Нууччалыы слушатель
English listener, auditor
1 аат тыл #
Ким эмэ кэпсиирин, ааҕарын истэр киһи
Нууччалыы Слушатель (тот, кто слушает кого-что-л.)
Бастакы араатар этэр тыла маҥнай сүрдээх хомоҕой, олус имигэс курдук гынан баран, истээччи кинини кытта аарааҥҥа эрэ диэри аргыстаһар. Амма Аччыгыйа Ойууламмыт хартыына күүһүттэн, аахпыт куолас чуоруттан дьон бары -- мин курдук көннөрү истээччилэрдиин сөҕөн, уу-чуумпу барбыппыт. Н. Заболоцкай Кыһыл муннукпутугар дьоннор сылдьыылара үксээн, ааҕааччы уонна аахтаран истээччи элбээн истилэр А. Бэрияк
2 аат тыл #
Сорох үөрэх тэрилтэтин үөрэнээччитэ, устудьуона
Нууччалыы Слушатель (учащийся, студент нек-рых учебных заведений)
Байыаннай академиялар истээччилэрэ үөрэхтэрин хас бүтэрэн тахсыыларын биһиги сабыытыйа быһыытынан бэлиэтиибит. "Кыым". Москватааҕы үрдүкү партийнай оскуола истээччилэрэ -- испэктээк ситиһиилээхтик туруоруллубутунан истиҥник эҕэрдэлээбиттэрэ, махтал аадырыстары туттартаабыттара. АҮ