ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэдьэгэй

аат тыл

Нууччалыы творог, приготовляемый из кислого молока

English cottage cheese

1 аат тыл #

Аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас

Нууччалыы Творог, приготовляемый из кислого молока

  • Бэҕэһээ Мурсай ойоҕо, элбэх баҕайы иэдьэгэйи ыга турдаҕына, ааны өҥөйөн туран ытыспын тоһуйбуппар, өрүү тылланаҕын диэн, дэлби мөхпүтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Тууйастаах иэдьэгэйдэрин билигин да тыыппакка сүбэлэстилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан, остуолга уурда.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Сакаастаабыт аспыт үксэ үрүҥ астан буолла. Хойуу сүөгэй, убаҕас сүөгэй, үүт, кымыс, иэдьэгэй онтон да атын
    С. Васильев

2 этии #

Нууччалыы Тупица, мякинная голова

  • Иэдьэгэй мэйии фольк. – акаары, тугу да толкуйдаабат, быһаарбат Куба буола-буола!.. Ар-дьаалы!.. Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү? Туналыйбытын тухары толору көҥдөй, иэдьэгэй мэйии буолбат дуо кини.
    П. Ойуунускай
  • Торуой хаамар үгэскин Тосту быһа хаалларан, Төрөппүт дьон үлэтигэр Көмөлөһөр туһунан Иэдьэгэй эт мэйиигэр Эмиэ өйдөөн көр! – диэтэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Иэдьэгэй эттээх фольк. – кэбирэх эттээх. Θ Человек с ранимым телом. Ол Үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу моҕой уот тыыннарын ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй

3 этии #

Нууччалыы Жидкий отстой творога, сыворотка

Этиилэр

Иэдьэгэй уута

иэдьэгэйи оҥорорго тахсар убаҕас Салҕалаан тиийээхтээн иэдьэгэй уутун истэ.

  • Хайыы-үйэҕэ балтараа нэдиэлэ буолла аҥаардас от силиһинэн уонна аһыы иэдьэгэй уутунан аһаабытым. Пьесалар.

Иэдьэгэй эрбэһин

сыыс от көрүҥэ.

Вид сорной травы.

  • Бу сири иэдьэгэй эрбэһин былдьаабыт.

Иэдьэгэй эриэн

быдьына-быдьына харалаах эриэн (сүөһү өҥүн туһунан).

В крапинку, крапчатый (о масти коровы). Иэдьэгэй эриэн ынах.

  • Мукугур муостаах, муунта үүттээх Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх, Боппууда үүттээх иэдьэгэй эриэн Боруода ынах солбуйда.
    С. Зверев
  • Ср. монг. эдьэгэй ‘сметана’

«И» буукуба