Перевод с якутского
иэмэх
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы кольцеобразные серьги
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Тиэрбэстии иэҕэн оҥоһуулаах ытарҕа
Нууччалыы Кольцеобразные серьги
Күн уота көмүс иэмэх аалыытын курдук күлүмнүү тохто турар дойдута [эбит]. ПЭК ОНЛЯ I. Иилэҕэс көмүс иэмэҕин Икки тэргэн кулгааҕар Илибирэччи иилинэн кэбистэ П. Ядрихинскай
2 аат тыл #
Ытарҕа аллараа өттүгэр ыйана сылдьар уһуллар киэргэл
Нууччалыы Съемные подвески к серьгам
Тэллэҕэ тэлээрэн, Иэмэҕэ эргичийэн, иэдэһэ килбэчийэн, Тиҥилэҕэ тилигирээн Хаалта үһү кыыс оҕо...
Өксөкүлээх ӨлөксөйИлбиргэстээх сырайдаах, эрийии көмүс иэмэхтээх ытарҕатын иилиммит. С. Зверев Маша кыһыл көмүс ытарҕатын иэмэҕэ ыраас иэдэһигэр күлүмнүүр М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Иэмэх мас. Иэмэх талах. [Тыал] Хатыҥ иэмэх таһаатын Күүһүнэн кууһа сатыыр, Көмүскэнэр лабаатын Кум-хам тутан бүк баттыыр. С. Данилов Иэмэх солко Симэх окко Ыҥырыалар Ылластылар И. Эртюков
3 аат тыл #
Ойуун таҥаһыгар иилиллэр тимир
Нууччалыы Подвески на шаманском костюме
4 аат тыл #
Туох эмэ иэҕиитэ, өҕүлүннэриитэ
Нууччалыы Изгиб, дугообразное искривление чего-л
Хайыһар иэмэҕэ. Киэҥ халлаан, хайыһар иэмэҕин курдук, таҥнары санньылыйан түһүүтүгэр. Саха фольк Ый иэмэҕэ түүн үөһэ халлааҥҥа Дьиктитик сырдыырын курдук, Ол очуос ыраах акыйааҥҥа Көмүс чыпчааллара сырдык
Таллан Бүрэ
5 даҕааһын #
суолт. Имиллэҕэс, чэпчэкитик иэҕиллэр, өҕүллэр
Нууччалыы Податливый, легко гнущийся
6 этии #
Нууччалыы Упорно бороться, состязаться совершенно на равных, наравне
Этиилэр
Иэмэх курдук эрийсэллэр (иэхсэллэр)
унньуктаахтык тэбис-тэҥҥэ, ылбат-биэрбэт киирсэллэр (хол.
, тустууга) Һоо! Үлүгэрим эбит... Иэмэх талах курдук эрийсиэм хааллаҕа...
П. ОйуунускайХайалара кыайара биллибэт, иэмэх талах курдук тэҥҥэ эрийсэллэр. И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Түптэ бурҕаллыар диэри Түһэн кэбистэҕэ, Иэмэх талах курдук Иэхсибитинэн бардылар.
П. ОйуунускайТустуу саалатыгар тэниччи тардыллыбыт икки көбүөргэ кыракый уолаттар тустан иэмэх курдук эрийсэллэр. ББ
Иэмэх талахтыы (мастыы) эрийсэллэр көр иэмэх курдук эрийсэллэр (иэхсэллэр)
Кинилэр аан дойду ааттаахтарын хабыр хапсыһыыларын, иэмэх мастыы эрийсиилэрин бэркэ сыныйан көрбүттэрэ. И. Федосеев Биһиги саамай күүстээхпит Федор Павлов учууталбытын кытта киирсэн, иэмэх мастыы эриһэрин тыыммакка да олорон кэтэһэрбит. "Кыым". Ср. др. -тюрк. егмэ ‘арка, свод дома’