ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэт

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы хорошо доиться, легко и полностью выдаиваться (о корове). [Хобороос:] Мааҥыан ала бургунас аанньа иэппэтэҕэ, улахан Хара [ынах аата] кэлбэтэх этэ

I

1 туохтуур #

Ыанньыйбыт үүккүн бүтүннүү үчүгэйдик ыат, үүт биэр (ынах туһунан)

Нууччалыы Хорошо доиться, легко и полностью выдаиваться (о корове). [Хобороос:] Мааҥыан ала бургунас аанньа иэппэтэҕэ, улахан Хара [ынах аата] кэлбэтэх этэ

  • Хайа ынах иэппитин, иэппэтэҕин, хайа эрэ уулаах бургунас уолбутун туһунан кэпсэппэхтээн баран, дьахталлар им-дьим бардылар.
    Болот Боотур
  • [Ынахтар] кыыһырдахтарына иэппэттэр, онтукалара үгэс буолан, үүттэрэ тардан хаалааччы.
    М. Доҕордуурап
  • Иэтиэҥ суоҕа – эми булуом: Купчуур угуом, туус сиэтиэм, Туорай мастыам, чурумчулуом, Муннугуттан мин сиэтиэм
    Дьуон Дьаҥылы
II

2 аат тыл #

, эргэр. Маһы оҥо хаһан, дьиэ ол-бу кыра тээбиринин оҥорорго аналлаах, токур иэҕиллибит төбөлөөх быһахха майгынныыр сэп

Нууччалыы Железный нож изогнутой (почти в кольцо) формы, служащий для выдалбливания деревянной посуды (ступы, чаши, бокала, ложки и т. п.)

  • Оҕонньор хатыҥ удьурҕайыттан иэт быһаҕынан дьөлө хаһан улахан, орто уонна кыра кээмэйдээх, эҥинэ атахтардаах чорооннору уонна кытыйалары оҥороро. "Кыым". [Бухатыырдар] утаакы буолумуна, кытыйаһыт киһи иэтин курдук үҥүүлэрэ эриллэн хаалбыттарын киэр эһитэлээн кэбистилэр. ПЭК ОНЛЯ III. Кэхтэ-кэхтэ хаппыт быһах Кимтэн кэрэ иэт буолар эбээт.
    С. Васильев
  • Тэҥн. адалҕа, арбыйа. Ср. туркм. эгди ‘дугообразный ножик для резки дынь и арбузов’

«И» буукуба