ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэччэхтээ

туохтуур

Нууччалыы приделывать шарнир, петлю

1 туохтуур #

Туохха эмэ иэччэх оҥор, олорт

Нууччалыы Приделывать шарнир, петлю (напр., двери к ящику)

  • Дьааһыккын иэччэхтээтэххинэ үчүгэй буолсу. Тэпилииссэҥ аанын иэччэхтээ

2 туохтуур #

Хаарыҥ ууллан хараар (от-мас төрдүн туһунан)

Нууччалыы Таять, растаять (о снеге вокруг растений), очищаться от снега (основание дерева, место вокруг дерева)

  • Тиит иэччэхтиитэ эдэр дьахтар иэнэ ирэр, сэбирдэх тэлиитэ эмэн дьахтар иэнэ ирэр. (өс хоһ.). Саас буолан, ньургуһун атан, от-мас иэччэхтээн барар буоллаҕа дии.
    Суорун Омоллоон
  • Тиит, талах аннылара, бэрт өр иэччэхтээн, томтор сирдэр, халдьаайы быардарын хаардара улам хаптайан, сүтэн, сир, элбэх абырах түспүт халадаай ырбаахы өҥүн курдук, эриэннээх, хараара сатаан эрэр.
    Н. Заболоцкай
  • Аттынааҕы үрүйэҕэ уу сүүрүгүн тыаһа кулдьугуруур, кылдьыгырыыр, иэччэхтээн эрэр талахтар, ойуурдар быыстарыгар чыычаахтар чыбыгыраһаллар
    Р. Кулаковскай

«И» буукуба