ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэҕис

Нууччалыы бороться, состязаться, ругаться с кем-л

1 #

иэх диэнтэн холб. туһ. Саха оҕонньотторун кытта үгүс хайыһары, элбэх сыарҕа сыҥааҕын иэҕистим ини. Амма Аччыгыйа

2 #

Кими эмэ кытта тэбис-тэҥҥэ, ылбат-биэрбэт курдук ааҕыс, киирис (хол., этиһиигэ, тустууга)

Нууччалыы Бороться, состязаться, ругаться с кем-л. упорно, наравне

  • Үс хонукка тэҥнээх дьон буолан иэҕистилэр [Кулун Куллустуур Абааһы уолунуун]. ПЭК ОНЛЯ III. Түптэ бурҕаллыар диэри Түһэн кэбистэҕэ, Хайа хайаҕа түспүтүн курдук Хап гына хапсан ыллылар, Иэмэх талах курдук иэхсибитинэн бардылар [Ньургун Боотур Бохсоҕоллой Боотурдуун].
    П. Ойуунускай
  • "Хайа, бу эмиэ туох абааһы уола дьөлө ыстанан кэлэн хаалла? Дьэ оҕом биһикки иэхсэрбит буолуо... " – диэтэ уонна Романы собус-соруйан паарта саамай кытыытыгар үтүрүйэн кэбистэ
    Ф. Софронов

«И» буукуба