ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иһигэр

кэнники тыл

Нууччалыы в

English in, into

Ис хоһооно · 5

1 #

дьөһ

  • Кистии-саба илиитин иһигэр харчы туттаран кэбиспит дьону, дьон ортотуттан оруу тардан ылан, дьиэ иһигэр анньан кэбиһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Ханна эрэ ыраах им-балай хараҥа иһигэр таастар сууллар -- тыастара иһиллэр.
    Г. Колесов
  • Онон, оҕолор үтүө ыраас дьүһүннэрин сыыс-буор иһигэр сыһыаран, күөх от курдук, киһи-хара билбэтинэн, эгил-тэгил улаатан испиттэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Үс-түөрт саһаан иһигэр баар хатыҥнар хаардаах бугуллуу лаглаһан көстөллөр
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
  • Ханнык эмэ тэрилтэ, кэлэктиип ис эйгэтигэр хайааһын буоларын бэлиэтииргэ туттуллан, ордук абстрактнай миэстэ сыһыанын көрдөрөр. Θ Употребляясь при обозначении какой-л. организации, коллектива людей, внутри, в среде которого совершается действие, имеет более абстрактное пространственное значение (внутри). Ити аата ньиэмэстэр сэрии субуоккатыттан ураты аармыйа иһигэр эмиэ албыннаһар буолбуттар.
    Т. Сметанин
  • Биһиги холкуос иһигэр биир түөкүн, албын киһи баар.
    С. Ефремов
  • Кини эмиэ бу тыйаатыр иһигэр рядовой артыыстан ССРС норуодунай артыыһыгар тиийэ үүннэ
    Суорун Омоллоон

2 #

Абстрактнай миэстэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын ханнык эмэ предмет ис эйгэтигэр буоларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Выражая абстрактно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, внутри которого совершается действие (внутри)

3 #

Дьон бөлөҕүн, түмсүүтүн ортотугар хайааһын буоларын көрдөрөр

Нууччалыы Употребляется при обозначении группы, скопления людей, среди которых совершается действие (среди)

  • Бартыһааннар истэригэр регулярнай этэрээттэн сибээскэ кэлэн баран хаалбыт нуучча кыһыл армеецтара бааллара.
    Эрилик Эристиин
  • Манна бэйэлэрин истэригэр ытыктанар дьонноохтор, сорохтор атынынан, ол-бу дьээбэлэринэн, бэл, куһаҕаннарынан да аатырбыттар
    Н. Габышев

4 #

Ханнык эрэ предмет ким- туох эмэ ахсааныгар киириитин, баар буолуутун ыйарга туттуллар

Нууччалыы Указывает на включение предмета в состав, число кого-чего-л., его нахождение в числе кого-л. (в числе)

  • Ол уон үс кыыс иһигэр киһи күн анныгар көрбөтөх үчүгэй кыыһа баара үһү.
    Эрилик Эристиин
  • Бүгүн көрсүбүт элбэх дьонун иһигэр биир эрэ бөрөкүтэ суох киһи баар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ийээ, бу биһиги кэргэммит ахсаанын иһигэр киирэр киһи кэлэн турар
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Чуолкайдыыр ситим тыл суолталанар. Θ Имеет уточняющее союзное значение. Эрдэттэн ханна баралларын быһаарыммакка сылдьыбыттары күһэйэн оройуон аайы учууталлыы барарга анаабыттар. Олор истэригэр Миша эмиэ түбэспитэ.
    Н. Лугинов
  • Ити курдук, Маша энньэ сүөһүлэрин иэйэн-туотан, үүрэн барбыттара. Ол иһигэр соҕотох биэлээхтэрэ соҕотоҕун үүрүллүбүтэ
    М. Доҕордуурап

5 #

Кэми бэлиэтиир ааттары кытта хайааһын оҥоһуллар кэмин, болдьоҕун ыйарга туттуллар

Нууччалыы Употребляясь с именами, обозначающими временное понятие, указывает время, сроки совершения действия

  • Оок-сиэ, аҕыйах да күн иһигэр сир ньуура, олох быһыыта кубулуйан, уларыйа охсон, олус да киэркэйэн, тупсан тахсар эбит.
    П. Ойуунускай
  • Бу икки этэрээт соруктара: иннилэринээҕи окуопаны сигнал бэриллиэҕиттэн, сүүрбэ мүнүүтэ иһигэр хайаан да алдьатан, уһаатаҕына сүүрбэ биэс мүнүүтэ иһигэр түрмэ кварталын олоччу ылыы этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Мин санаабар, бу икки-үс хонук иһигэр оту кыаҕын ылан кээһиэххэ наада
    С. Ефремов

«И» буукуба