ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иһиттэн

туохтуур

Нууччалыы приобретать, завести, заиметь посуду

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Иһиттээх буол, иһиттэ булун

Нууччалыы Приобретать, завести, заиметь посуду

  • Сиидэрэп, дьиэтигэр иһитэ-хомуоһа суох буолан, чугаһынааҕы ыалларыттан икки мас кыһыл чааскыны уонна биир дьэс чаанньыгы уларсан иһиттэнэн олордо.
    Күндэ
  • Таастары дьиэни тула төгүрүччү уурталаабыт: тааһынан иһиттэнэбит, тааһынан чааскыланабыт, кумаҕы чэй оҥостобут. Н. Тарабукин (тылб.)
II

2 #

дьөһ

  • Кини ити сэтинньи сэттистиир күнүгэр сэтэрбит силлиэ-буурҕа иһиттэн уһууран тахсыбыта.
    ХС
  • Кустук Дьөгүөрү быстах өлүү илиитин иһиттэн быыһаата.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Им балай хараҥа иһиттэн ынырык саҥа иһилиннэ
    ХС

3 #

Миэстэ сыһыанын тэгилитэн көрдөрөн, хайааһын туох эмэ ис эйгэтиттэн тахсарын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Выражая абстрактно-пространственные отношения, употребляется при обозначении предмета, из которого исходит действие

4 #

Дьон бөлөҕүн, кэлэктиип кэккэтиттэн хайааһын тахсарын, предмет арахсарын, тэйэрин миэстэ сыһыана дэгэттээх бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении группы, коллектива людей, от которого отделяется, удаляется предмет (имеет оттенок пространственных отношений; из)

  • Табаарыстар! Ити Мэхээчэ оннук буолбут киһи, кинини уоттаах сиппииринэн баартыйа иһиттэн илбийэн таһаарар киһибит турар.
    П. Ойуунускай
  • Улуус иһигэр кыра дьон истэриттэн бэрт улаханнык, актыыбынайдык үлэҕэ көмөлөһөр дьон тахсан испиттэрэ.
    Эрилик Эристиин
  • Дьахталлар истэриттэн нэһилиэк сэбиэтигэр хандьыдаат туруортаатылар.
    Н. Неустроев
Өссө холобурдар (1)
  • Ама аҕыйах этэ дуо? Аймах, кэргэн иһиттэн Аҕа, абаҕа, уол Арахсыһан тэйбитэ?!
    Баал Хабырыыс

«И» буукуба