ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киирин

туохтуур

Нууччалыы поддаться на уговоры, соглашаться

1 туохтуур #

Тугу эмэ оҥорорго сөбүлэн, сөбүлэс (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Поддаться на уговоры, соглашаться (обычно употр. в отриц. ф.)

  • Эриэс, булгу мэлдьэһиэн Эдэр сүрэх киириммэт!
    П. Тобуруокап
  • Ити түөс буолбут оҕонньор Эппитигэр кииринэммин, Оҕобун улуу ыал Уорааныгар быраҕаммын, Быарым уулунна, Бырдым быһынна
    С. Васильев
  • Тугу эмэ саҕалаа, туох эмэ саҥаны оҥорорго турун, ылыс. Θ Начать, приступить к чему-л., взяться за что-л., решиться на что-л. [Оптуобус] куорат тас өттүгэр таҕыста, силлиэлээх айаҥҥа киириннэ.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Маҥнайгы биэс сылы аһаран, Иккис биэс сылларга киириниҥ!
    Эрилик Эристиин
  • Бүтүн сайыны, күһүнү быһа ким да киириммэтэх сиригэр [саахта саамай аллараа өттүгэр] түһэн үлэлии сылдьар дьон. Үһүөйэхтэр
    С. Федотов

2 этии #

Нууччалыы Попасть впросак, угодить в историю

  • Албыҥҥа (угаайыга) киирин - туохха эмэ киирэн биэр, үктээн биэр Саха үлэһит норуота кинилэр [баайдар] албыннарыгар киириммэтэҕин ааһан, Сэбиэскэй былааһы көмүскээн саа-саадах тутан турда.
    С. Ефремов
  • Суруйааччы сорох киһилии майгына суох чэпчэки дьахталлар содур дьон угаайыларыгар кэбэҕэстик кииринэллэрин сэмэлиир. ФЕВ УТУ. Тылга (тылыгар) киирин - ким эрэ эппитин иһит, эппиттэрин курдук оҥор. Θ Прислушаться к словам, мнению; согласиться на что-л. Бурхалей кэнники тылга кииринэн сатыы атаакалыырга сөбүлэннэ.
    Эрилик Эристиин
  • Хабыыча Доргууйап кинилэр тылларыгар киириммэккэ, буугуначчы тыына турбута.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Уйадыйан ылбытыгар тэптэрэн, ийэм биригэдьиир тылыгар киириммит быһыылааҕа. Ч. Айтматов (тылб.)

«К» буукуба