Перевод с якутского
киирэ
аат тыл
Нууччалыы гиря
1 аат тыл #
Чопчу ыйааһыннаах, мээрэй буолар тимир (туох эмэ ыйааһынын быһаарарга тут-лар)
Нууччалыы Гиря (для весов)
Сыллай -- ньилбэктэригэр иккилии бууттаах киирэни баайбыт курдук чиҥ-чиҥник лиһиргэччи үктэнитэлээн кэлэн, үллэс гына олоро түстэ. Амма Аччыгыйа Сараапап, дьону ыйааһыныгар сүүйээри, иккилии бууттаах киирэтин алын үүттэрин толору сүөһү сааҕынан сыбаан тоҥорбут. Н. Якутскай Киирэлэр ыйааһыннара шарга киирбит салгын ыйааһыныгар тэҥ буолуо ПАВ Ф-6
Өссө холобурдар (2)
спорт. Ыараханы көтөҕөн дьарыктанарга аналлаах, чопчу ыйааһыннаах тимир. Θ Гиря (спортивная). Никита -- икки бууттаах тимир киирэни өрүтэ анньан күөрэҥнэтэр.
Н. ЛугиновТустууга аҥаардас киирэнэн, гантелынан дьарыктаныы толору көдьүүстээх буолбат. НЕ
2 аат тыл #
Ыйааһын буолан, истиэнэ чаһыта барарын хааччыйар тимир
Нууччалыы Гиря (на стенных часах)
Ньолбоҕор киирэтигэр күлүүс уонна эргэ кыптыый эбиилээх төгүрүк "ходик" чаһы чыллыргыыр. Н. Габышев Истиэнэҕэ талырдыы турар чаһытыгар тиийэн, киирэтин өрө тардан тырылатта. У. Нуолур Киирэ аллара түһэригэр чаһы механизмын хамсатар ПАВ Ф-7