ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кийиит

аат тыл

Нууччалыы сноха, невестка

1 аат тыл #

Ким эмэ уолун эбэтэр бэйэтиттэн балыс аймаҕын (быраатын, сиэнин) кэргэнэ

Нууччалыы Сноха, невестка

  • Өкүлүүн Ньукулаайабыс, мин кыра кийиитим, субан сүөһүнү көрөөччү уонна бу мин сыллыырдарым ийэлэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Чыычааҕым сыыһа, оҕотун, кийиитин көрсөөрү төһө эрэ хараҕа-сирэйэ сандаарыҥныыр, кэлэн-баран элэстэнэр этэ. Софр. Данилов. Кийиитэ киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр, ийэм кини уоппускатыгар ханна барарын ыйыппыта
    Далан

2 аат тыл #

Кэргэн тахсан, сүктэн эрэр кыыс

Нууччалыы Невеста. Биир үксүн, уола Ньукулай ойох ылан, кийиит сүктэн кэлэр айдаана эмиэ мэһэйдээбитэ. Күннүк Уурастыырап. Огдообо бэл кийиит сылдьан Кэппит маҥан былааччыйатын -- Ким да суоҕар сундуугуттан Хостоон көрөр. И. Гоголев. Сэргэҕэ түспүт кийиити Сиэтэр майгыннаахтык Дэллэритэ булаан Дьиэ иһигэр көтүтэн түһэрдилэр. С. Зверев. Ср. тюрк. келин 'невестка, сноха'; ног. кийит 'подарки невесты'

3 этии #

Нууччалыы Живокость

  • Таҥара кийиитэ - бытархай сырдык күөх сибэккилээх, кыра сэбирдэхтээх, намыһах хонуу сибэккитэ Глафира, таҥара кийиитинии, халлаан күөҕэ харахтарыгар умайбыт кыымнар умуллан бардылар.
    Л. Попов
  • Күөх сибэккини, таҥара кийиитин, Күөммүтүгэр көтөҕүөххэ.
    С. Васильев
  • Алаас аҥаар өттө - олоччу таҥара кийиитэ сибэкки. В. Гаврильева

«К» буукуба