ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

килбэй

туохтуур

Нууччалыы отсвечивать, блестеть; лучиться, сверкать (о солнце). [Дьөгүөрдээн] мичээрдээн, бөдөҥ тиистэрэ килбэйэн көстөллөр

1 туохтуур #

Сырдыгы тэйитэн, чаҕылыйан көһүн; сардаҥар, күлүмүрдээ (күн туһунан)

Нууччалыы Отсвечивать, блестеть; лучиться, сверкать (о солнце). [Дьөгүөрдээн] мичээрдээн, бөдөҥ тиистэрэ килбэйэн көстөллөр

  • Мичил холкутуйан баран, күн тииттэр төбөлөрүгэр килбэйэ киирэн эрэрин билбитэ.
    И. Федосеев
  • Туораҕа халыҥ ытыһыгар күндү биһилэх килбэйэр
    А. Сыромятникова
  • Арылын, туох да хаххата суох, ыраастык көстөн кэл. Θ Раскрыться, четко, ясно предстать перед глазами; заблестеть. Арамаан Татыайык, хаччаччы хаппыт торбос тириитэ сонун эҥэрдэрэ тиийбэт буолан, кирдээх этирик түөһэ килбэйбитинэн көтөн түспүтэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. гилбэ 'блестеть, озарять, освещать'

2 этии #

Этиилэр

Килбэйэр киин көр киин

  • Киэҥ халлаан Килбэйэр Киинигэр Килбэҥнээн, Килэҥнээн Күлэр күн!
    П. Ойуунускай
  • Килбэйэр киэҥ халлаан - килбиэннээх халлаан диэн курдук. Дьар курдук тымныы салгын, килбэйэр киэҥ халлаан -- ойуур - барыта дьикти, барыта кэрэ! Р. Кулаковскай

«К» буукуба