ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

килиэ

даҕааһын

Нууччалыы имеющий блестящую, ровную, гладкую поверхность

1 даҕааһын #

Килбэйэн көстөр, кылааккай, бүтүннүүтэ дэхси ньуурдаах

Нууччалыы Имеющий блестящую, ровную, гладкую поверхность

  • Киэһэ буолан, барыйан, Килиэ түннүктэр утуктаатылар.
    С. Васильев
  • Ыам ыйын эргэтигэр, бэс ыйын саҥатыгар хаар дьэ быһыта сиэһэн, хара сир тахсар. Сир да диэн, хайыр таас килиэ уорҕата көстөр.
    Н. Лугинов
  • Килиэ хайа бүтэһик ыпсылҕаныгар кэлэн, отууланан утуйан тураат -- сонордоһуубун салҕаабытым
    Н. Абыйчанин

2 этии #

Нууччалыы Сплошь, весь из камня; сплошь стеклянный; сверкающий

  • Килиэ таас - бүтүннүүтэ таастан оҥоһуллубут, тутуллубут; килэбэчийэр Аны аҕыс-тоҕус, онтон да үрдүк этээстээх килиэ таас дьиэлэри тутарга уураахтаабыттар.
    Н. Габышев
  • Бөһүөлэк аныгылыы көрүҥүнэн, килиэ таас дьиэлэринэн киэркэйэр.
    И. Федосеев
  • Күлүмүрдэс киэҥ килиэ таас түннүктэр оннуларыгар кырыа-кыаһаан буолбут муус чуолҕаннар күлүгүрэн тураллар.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (6)
  • Килиэ тимир - бүтүннүүтэ, туох да булкааһа суох тимир. Θ Сплошь из железа. Килэдийэр килиэ тимир халҕан Алларастаан баран, Аппас гынан Аһылла түстэҕэ.
    П. Ойуунускай
  • [Баай омуктар] киһитэ суох, бэйэтэ "санаатынан" сэриилэһэр килиэ тимир сэптэри оҥоро иликтэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Үс хос килиэ тимир куйахтаах -- Үс дойдуну үлтү үктээн үтэ оҥостон сиир адьарайдар.
    ХС
  • Муус килиэ - ханан да хаара суох ыраас, бүтүннүү муус. Θ Сплошная ледяная гладь. Харачаев кыараҕас соҕус үрэх халдьаайытынан кэрийэ барбыт муус килиэ суолга бастаан киирэн кэллэ.
    Эрилик Эристиин
  • [Хаар] үрдэ киһи атаҕа тобулу үктээбэт муус килиэ гына килэриччи тоҥмута.
    Далан
  • Икки чаас көтөбүт, түөрт чаас көтөбүт. Бараммат муус килиэ, адаар хайа, арҕас хайа. С. Васильев

«К» буукуба