ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кирдиэх

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы трехгранный резец для гравировки

I

1 аат тыл #

Быһан ойуулуурга туттуллар үс кырыылаах сытыы уһуктаах ыһыы

Нууччалыы Трехгранный резец для гравировки

  • Ыҥыыр сирэйин үрүҥ көмүс лиискэ араас сахалыы ойууну түһэрэн кирдиэҕинэн эбэтэр чеканканан охсон киэргэтэллэрэ. МАП ЧУу. Кини кирдиэҕинэн арааһы барытын ойуулуон олус баҕарар. "Чолбон". [Ойуулааччылар] сүрүн инструменнара саха быһаҕа буолар уонна кирдиэх быһах
    Саха с

2 аат тыл #

Кирилиэс кырыыта

Нууччалыы Грань ступеньки крыльца, лестницы

  • Кирилиэс кирдиэҕэр атахпын сотуннум.
  • [Хобулугуҥ тыаһа] Көрүдүөр киэҥэр, Кирилиэс кирдиэҕэр Улам-улам иһиллибэт буолла
    С. Данилов
II

3 даҕааһын #

, кэпс. Туохха да киириммэт, өһөс

Нууччалыы Неподатливый, упрямый, неуступчивый

  • Кини кирдиэх, өһөс киһи. Кирдиэх киһилиин киһи кыайан үлэлээбэт. Ср. ордос. кердик ‘сварливый, неуживчивый, злобный, плохой, злой нрав’; бур. хердии ‘затвердевать, засыхать (о коже), упрямиться (о детях)’

«К» буукуба