ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кириэстэн

туохтуур

Нууччалыы перекреститься

1 туохтуур #

Уҥа илииҥ үс тарбаҕын холбуу тутан баран, бастаан сүүскэр, онтон түөһүҥ тылыгар, онтон уҥа уонна хаҥас санныгар тиэрдэн кириэстии хамсанан, кириэстэ ойуулан

Нууччалыы Перекреститься

  • Эмээхсин эрэйдээх кистээн, дьукаахтара көрбөтүнэн, кириэстэнэн кэбиһэрэ.
    П. Ойуунускай
  • Таҥара дьиэтин кирилиэһин көрөн баран, боччум баҕайытык кириэстэннэ.
    Суорун Омоллоон
  • Ылдьаана, Маайа эмиэ кириэстэнэн сапсыммыттара
    Н. Якутскай

2 туохтуур #

кириэстээ 3 диэнтэн атын. туһ. Онно биэс оппут бэһиэн кириэстэммиттэр. Болот Боотур

«К» буукуба