Перевод с якутского
кирпииччэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы кирпич
English brick
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Оһох оҥорорго биитэр тутууга туттуллар түөрт муннуктаах тутуу матырыйаала (туой, кумах булкадаһыгын анал халыыпка кутан хатаран, буһаран оҥороллор)
Нууччалыы Кирпич (стройматериал)
Кумахтаах элгээн үрдүгэр кирпииччэ үктээтим. Эрилик Эристиин Пуормаҕа кутуллубут кирпииччэни таһыҥ. С. Ефремов Оһох үрдүн сорох кирпииччэлэрэ хоҥноруһан түспүт этилэр М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Түөрт муннуктаах кыһыл дьүһүннээх, "манан массыына сылдьыбат" диэн бобуу бэлиэтэ
Нууччалыы Дорожный знак в виде кирпича
Кирпииччэ истиэнэ. Кирпииччэ оһох. Манна арай биир кирпииччэ дьиэ баар И. Гоголев
3 даҕааһын #
суолт. Кирпииччэнэн тутуллубут
Нууччалыы Кирпичный
4 этии #
Нууччалыы Кирпичный чай
Кирпииччэ чэй ист. - кирпииччэ курдук быһыылаах чиҥ, кытаанах, кыһыллар чэй Кини аҕатыгар биир баайыы чаркааскай табах, кирпииччэ чэй кэһиилээҕэ. Л. Попов Куораттан дьэрэкээн ойуулаах таҥаһы, кирпииччэ чэйи таһаарара. Н. Якутскай