ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киртит

туохтуур

Нууччалыы загрязнить, запачкать, грязнить кого-что-л

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ киргэ бис, кирдээх гын

Нууччалыы Загрязнить, запачкать, грязнить кого-что-л

  • Бу оҕо саҥа ырбаахытын киртитэ охсубут.
  • Борохуоттар хара буруоларынан хочо күндэл унаарын киртитэллэр.
    Н. Габышев
  • [Саввин:] Дьиэни киртиппиттэр даҕаны. Киминэн эмэ ыраастаппыт киһи
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Сыыһырт, кири-хоҕу мус. Θ Мусорить, разводить грязь. Айылҕаҕа сынньана тахсааччылар бөхтөрүн хомуйбакка барааччылар, тыаны, хонууну киртитэллэр. Дэриэбинэҕэ күөлү үксүгэр кэтэх сүөһүлээх ыаллар киртитэллэр

2 туохтуур #

Кими эмэ холуннар, хараарт, баһааҕырт, быртаҕырт

Нууччалыы Очернять, порочить кого-л., осквернять что-л. [Даайыс:] Өссө кинини хараардан, киртитэн кэпсииллэрин барытын истэрэ буоллар, ордук буорайыа этэ

  • Ити курдук холуннаран, Эдэр оҕону туох иһин, Иҥэн-хаһан тураҥҥын, Эн бу мэлдьи киртитэҕин
    Күннүк Уурастыырап

3 этии #

ын киртит көр аат I. [Ийэ сир] Эн кэрэ ааккын Киртитэ кэҕэрдэр Киибэстэри иһиттэхпинэ - Киҥим-хааным алдьанар. Күннүк Уурастыырап. [Анньыһар Боотур:] Дуолан Хара, Килбиэннээх ааппын киртиттиҥ. И. Гоголев.

Этиилэр

Илиигин киртит көр илии

  • [Геллерт - хаайыылаахтарга:] Мин эһигинньиктэр аайы илиибин киртитиэ суохпун, -- үрдүкү сууттар дьаһалларын иһитиннэрэ кэллим.
    П. Филиппов
  • [Чокуурап:] Табаарыс Үчүгээйэп, ити киһини кытта иирсимэ, тоҕо киниэхэ илиигин киртитэҕин.
    С. Ефремов

Килбиэннээх сирэйин киртит көр сирэй

  • Килбиэннээх маҥан сирэйгин киртитиэм, сардаҥалаах маҥан сирэйгин саатырдыам.
    Саха фольк
  • Дириҥ дьибилгэтинэн Кулан кубулҕатынан Килбиэннээх сирэйгин Киртитэ оонньуоҕа.
    П. Ойуунускай

Сирэйин киртит (хараарт) көр сирэй

  • Сирбэр-дойдубар Сириллэ илик киһи этим, Сирэҥҥин сирэйбин киртитимэ.
    П. Ойуунускай
  • [Манчаары:] Кимнээх буолан, Сиэхсити [Чоочону] ситэ үктээн, Сирэйгин киртитиэм баарай?!
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Сир хамыыһыйатыгар Улаатыннары [киһи аата] талларымыахха, Хаартыһытынан сирэйин киртитэн, Ханна да сыһыарымыахха. С. Васильев

«К» буукуба