Перевод с якутского
киэптээ
туохтуур
Нууччалыы придать чему-л. какую-л. форму, вид
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Туохха эмэ ханнык эмэ быһыыны, пуорманы биэр, халыыптаа
Нууччалыы Придать чему-л. какую-л. форму, вид
Тириини киэптээ. Ийэтэ эмээхсин... уол сытыйбыт этэрбэһин устубутун ылан, отунан киэптээн, сэбиргэнэҕэ куурда ууран кэбистэ Н. Павлов
2 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., кыараҕас таҥаһы, атах таҥаһын) тиирэ кэт
Нууччалыы Напялить, натянуть что-л., с трудом (напр., одежду, обувь)
Иилинэ кэтэн, Санныгар киэптээн Сарас гыммыта.
П. ОйуунускайКирпииччэ саҕа уллуҥнаах киппэ бачыыҥкатын киэптээн, -- олорор. Л. Попов Яков -- олус кыараҕас таҥаһы сэрэнэн, тиирэ киэптээн кэппитэ, холуокка курдук, кэдэрги ылан кэбистэ Н. Заболоцкай
3 туохтуур #
Тугу эмэ толору, тилэри, бүтүннүү сап, сабардаа, бүрүй, бүөлээ, хаххалаа
Нууччалыы Заполнять собою полностью, целиком что-л
Уулуссаны толору киэптээн, күргүөмүнэн күлсэ-күлсэ -- баай астаах остуоллаах дьиэҕэ тоҕо анньан тиийдилэр.
Н. ЛугиновИкки киһи сытар кырабаатыгар толору киэптээн сытан кэбистэ. М. Доҕордуурап Туох баары барытын өрүс бэйэтин сырдык модун киэлитинэн киэптээбит. Н. Габышев
Өссө холобурдар (4)
Аммаҕа уу кэлэн, толору киэптээтэ М. Доҕордуурап Туох эмэ (хол., дьиэ, саала) иһигэр ыга симилин, муһун. Θ Набиваться плотно во что-л., куда-л. Дьон хоһу киэптээтилэр. Аҥаалытта диэн алааска, ат эккирэтэр балаҕаҥҥа, Киэптиир гына симиллэн киһи бөҕө муһунна. Болот Боотур Кулууп саалатын киэптиир толору элбэх киһи мустубут этэ Чолбон
4 туохтуур #
Киэҥ сиринэн тарҕан, сатараа, дьиэрэһий, дуораһый (тыас-уус туһунан)
Нууччалыы Раздаваться, отдаваться, разноситься, заполнять все пространство (о звуке)
Оркестр уйуһуйан, Киэптиир сири, халлааны. С. Тарасов Сүгэ табырҕас тыаһа, эрбии аалыҥныыра киэһэлээх сарсыардааҥҥы тоҥ салгыны киэптээн кэбиспитэ М. Доҕордуурап
5 туохтуур #
Киэбир, чабылан, киэмсий
Нууччалыы Заноситься, задаваться
Кини бүтүн Саха губерниятын баһылыга буолуом диэн чабыланар кэмигэр киэптээн, чынайан-ханайан мин эрэ дэммит бэйэлээх. Д. Васильев Итирдэхтэринэ -- Борисов охсуһуу көрдүү сатааччы. Киэптиир да киэптиир Э. Соколов Атыттартан туох эмэ уратылаах буол, чорбой. Θ Отличаться чем-л. от других, быть заметным, выделяться. Куорат хаба ортотугар биир таас дьиэ -- түөрт муннуктуу түһэн киэптээн турара. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Кинилэр биһигини киэптииллэрэ. Арай ахсааҥҥа, химияҕа, физикаҕа наһаа баһыйбат этилэр Баал Хабырыыс