ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киһилэн

туохтуур

Нууччалыы иметь в своем распоряжении человека, работника, соучастника, сторонника

1 туохтуур #

Бэйэҥ дьаһайар эбэтэр кыттыһан тугу эмэ гынар, бэйэҥ диэки буолар киһилээх буол

Нууччалыы Иметь в своем распоряжении человека, работника, соучастника, сторонника

  • "Ыл эрэ, тукаам, көр эрэ хас киһилэннибит?".
    М. Доҕордуурап
  • Сэбиэттэр, хайа, онно-манна сорук боллур, сүүрэр-көтөр хорохоот оҥостор киһилэнэн абыраныах курдук туттуналлар
    КАА АСС

2 туохтуур #

Таптаһар, көссүүлэһэр киһилээх буол

Нууччалыы Иметь любовника

  • Даайа, атын киһилэниэхтээҕэр буолуох, кэлин кэмҥэ киинэҕэ, кэнсиэргэ да ахсааннаахтык сылдьара. Софр. Данилов. "Уйбаа-ан, арай тиийбитиҥ, Аанчаҥ эмиэ эн курдук атын киһилэммит буоллун?"
    Э. Соколов
  • Нариччаан -- туруора кэлэр, утутан барар кэриэтэ истиҥ киһилэммитэ
    Н. Габышев

3 этии #

Кыра киһилэн - кыра оҕолон Хоммут ыала, саҥа холбоспут дьон, кыра киһилэммиттэр. В. Яковлев

Нууччалыы Заиметь ребенка

«К» буукуба