ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куба

аат, аат тыл

Нууччалыы лебедь. [Мороду:] Кус-хаас көтөр бииһиттэн Кубаттан ордук ким баарый?

English cuba in the Caribbean)

1 аат тыл #

Маҥан дьүһүннээх, уһун моойдоох, саһархайдыҥы сырдык атахтаах, тумустаах, Саха сиригэр саамай бөдөҥ, ууга сылдьар көтөр бииһэ

Нууччалыы Лебедь. [Мороду:] Кус-хаас көтөр бииһиттэн Кубаттан ордук ким баарый?

  • Бу тыллар буолбатах - кубалар. Сааскылыы таптаһар кубалар, Ып-ыраас, муус маҕан кубалар Санньыардык, нарыннык дайаллар.
    С. Данилов
  • Ср. тюрк. куу, куҕу 'лебедь'; тюрк. куба 'бледный, сероватый'

2 этии #

Нууччалыы С красноватым хвостом, гривой, крупом и спиной, в светло-желтых чулках и грудью (о масти лошади)

  • Куба араҕас - кутуруга, сиэлэ, самыыта, уорҕата араҕас, ньилбэктэрэ уонна түөһэ сырдык араҕас түүлээх (сылгы өҥө) Куба лахсыыр тойуктаах (тыллаах) - олус элбэх уонна ис хоһооно өйдөммөт саҥалаах. Θ Очень многословная и непонятная (речь). Куба лахсыыр тыллаах, Куналы дьэллик тойуктаах Хоҥкурутта эбэ хотуну хоптолоох хотугу өттүнэн [аастылар].
    П. Ойуунускай
  • Эн хата, ким элбэх тыллаах, кус-хаас саҥалаах, куба лахсыыр тойуктаах, ону кыайар гына, түҥнэри сакалааттаһыаххын сөп этэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол улуу дуолаттар моргуор бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар.
    Д. Апросимов
Өссө холобурдар (3)
  • Куба маҥан - харахха быраҕыллар, кэрэ сиэдэрэй маҥан. Θ Выделяющийся своей нарядной белизной. Оҕо, ийэтин курдук, сап-саһархай баттахтаах, куба маҥан эттээх.
    Н. Якутскай
  • Кыталык маҥан кыргыттар, Куба маҥан хотуттар! Дьуон Дьаҥылы. Үөрэнэр куорпус икки мэндиэмэннээх, куба маҥан дыбарыас курдук бэйэлээх дьиэтэ биэрэстэлээх сиртэн кылбайан көстөр.
    Ф. Софронов
  • Куба олоороҥ түөлбэ. - акаары; ол-бу диэки эргичийэр, болҕомтото, оттомо суох. Θ Глупый, тупой; невнимательный, рассеянный. Кулгааҕар куба саахтаабыт үөхс. - киһи этэрин истибэт, дөйүҥү, дьүлэй уонна аҥала (сэнээн, үөҕэн этии). Θ соотв. глухая тетеря или медведь на ухо наступил

3 этии #

Быытта куба - кыра туундара кубата Дойдулаах куба - туундараҕа эрэ буолбакка, Саха сирин тыатыгар олохсуйар, сымыыттыыр улахан куба. Лебедь-кликун. Куба аһылыга - суон элбэх силистэрдээх, кэтит сэбирдэхтээх ууга үүнэр үүнээйи (силистэрин аска булкуйан сииллэрэ). Рогоз широколистный. Ср. тюрк. куу, куҕу 'лебедь'; тюрк. куба 'бледный, сероватый'

Нууччалыы Тундровый или маленький лебедь

«К» буукуба