Перевод с якутского
кубарый
туохтуур
Нууччалыы становиться бледным, бескровным, побледнеть
English to pale, to become pale
1 туохтуур #
Кубархай, кубаҕай буолан хаал (долгуйууттан, ыарыыттан; араас эрэйтэн, кэхтииттэн - сирэй өҥүн, киһи дьүһүнүн туһунан)
Нууччалыы Становиться бледным, бескровным, побледнеть (от волнения, болезни, невзгод, страданий и др.)
Маайа тылыттан Сэмэнчик курус гына түстэ, сирэйэ кытаран баран кубарыйан хаалла. Н. Неустроев Олус сылайар буолла, саҥата улам мөлтөөн, бэйэтэ улам кубарыйан истэ. Амма Аччыгыйа Ньургуһун хараҕа биилэнэн, имин хаана кууран, сирэйэ кубарыйан, этэ-сиинэ хатан, хагдарыйар уһугар тиийбитэ Дьүөгэ Ааныстыырап
2 туохтуур #
Өлбөөркөй маҥан, кубаҕай, кубархай өҥнөн (хол., күн уота куурда сиэбититтэн, эргэрииттэн эҥин)
Нууччалыы Стать, становиться бледным, белесым, блеклым; тускло-светлым; светло-серым (напр., от солнца, ветра)
Бу хара тыа ортотугар төгүрүк тыымпы күөл кубарыйан, долгулдьуйан көстөр. Н. Неустроев Үс сүнньүөхтээх үүт күрүө, лэппэгэр суон сэргэ кубарыйыахтарынан кубарыйан баран, син туруулаһан тураллар. М. Ефимов Ардах түһүмүнэ сир-дойду кубарыйа кууран барда. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
От др. -тюрк. хувар 'сохнуть'; ср. тюрк. кубар 'бледнеть, линять'