Перевод с якутского
куйукта
аат тыл
Нууччалыы личинка насекомого (обычно овода) под кожей животного
1 аат тыл #
Сүөһү тириитин анныгар үөскүүр тигээйи, бүгүлэх ыамата
Нууччалыы Личинка насекомого (обычно овода) под кожей животного
Таанньа ынаҕын куйуктатын ыраастаппытыгар бэлэскитинэн күлсүбүккүт. М. Доҕордуурап Тигээйилэр табалар тириилэрин уйан, ыарыылаах сирдэринэн дьөлө уулаан куйукталарын уураллар. ХС Локуора сахсырҕаны, таракааны, быты-былахыны, сүөһү куйуктатын өлөрөргө туттуллар. МАА ССКОЭ Үү. Ынахха уонна табаҕа тирии куйуктата, сылгыга - куртах-оһоҕос үөнэ [үөскүүр] СЫаКЫ
2 аат тыл #
Сүөһү тириитигэр тигээйи, бүгүлэх ыамата дьөлбүт хайаҕаһа
Нууччалыы Свищ, червоточина (на шкуре животного)
Өөйө ситэ иттибэккэ да, куйукталаах таба тириититтэн тигиллибит кукуулун иһигэр киирэн хаалар. Эвен. фольк. Эвенк. куит