ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кулан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы кулан

Ис хоһооно · 5
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Былыргы дьыл быһылааннаах быдан мындаатыгар, Урукку дьыл уҕалдьылаах кулан уорҕатыгар -- бухатыыр киһи олорбута үһү.
    Суорун Омоллоон
  • Ону мин уон аҕыстаахпар, Кулан дьэллик саастаахпар - Уун-утары көрсүбүтүм, Тохтоон, туймаара үөрбүтүм
    Н. Босиков

2 даҕааһын #

Кэлиилээх-барыылаах, дьалхааннаах, дохсун (хол., сырыы, майгы)

Нууччалыы Резвый, бойкий, буйный, бурный (о езде, о характере и т. д.)

3 даҕааһын #

Күүстээх, модун, дорҕоонноох

Нууччалыы Сильный, мощный, громогласный

  • Кулан дьыбар. Кулан холорук. Кулан хаһыы. Кулан тойук. Кулан айдаан.
  • - Туох ааһар албаһай? - диэн, - туох кулан кубулҕатай? - диэн тонолуппакка көрөн турдум. ПЭК ОНЛЯ III

4 этии #

Кулан уолаттар - күөгэйэр күннэригэр сылдьар, оту-маһы тардыалыыр, сылгыны сырсан сиэлигэр түһэн тиэрэ быраҕар дохсун уолаттар

II

5 аат тыл #

, эргэр. Сылгы бииһигэр киирэр Киин Азияҕа үөскээн сылдьар икки миэтэрэҕэ чугаһыыр усталаах дьиикэй кыыл

Нууччалыы Кулан. Быдан былыр өбүгэлэр соҕурууттан илдьэ кэлбит уобарастыыр объектарын (холобур, тэбиэн, кулан, хой, хахай уо. д. а.) тобохторо ордон хаалбыттар. КНЗ СПДьНь. Гоби кураайытыҥы уонна кураайы куйаардарыгар Пржевальскай сылгыта, куланнар диэн дьиикэй оселлар, тэбиэннэр өссө да ордон хаалбыттар. КВА МГ. Ср. тюрк. кулан 'кулан'

«К» буукуба