ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кулахы

аат тыл

Нууччалыы клоп.

English bug, bedbug

1 аат тыл #

Дьиэҕэ эбэтэр сүөһүгэ үөскүүр, киһи, сүөһү хаанын уулуур үөн-көйүүр

Нууччалыы Клоп. Түүнүктээх түрмэ хотун Түгэх түптүрүгэр Кулахы кутуллубут, Быт быгыалаабыт. А. Софронов. [Бэрэбиэсчит:] Сөрүүн дьиэ. Кулахы суох. С. Ефремов

2 аат тыл #

Бары өттүнэн барытынан туохха да наадата суох киһи, ким да аахсыбат, болҕомтоҕо ылбат киһитэ

Нууччалыы Ничтожество

  • Кыһыллар эһигиннээҕэр кытаанах соҕус өстөөхтөрү көрсүбүттэрэ. Эһиги диэн кыһылларга кулахылар буоллаххыт дии
    Амма Аччыгыйа

3 этии #

Нууччалыы Сверчок домовой

  • Кулахы ойууна (дьиэ чөкчөҥөтө) - эргэр. тас көрүҥүнэн таракааҥҥа маарынныыр көнө кынаттаах, кэлин атаҕа аһыҥа атаҕар маарынныыр үөн-көйүүр (түүн сырыылаах, атыыра кынатын кынатыгар аалан тыһыргыыр) Элбэх кулахылаах дьиэҕэ мас быыһыгар мэлдьи чаһы тыаһын курдук тыһыргыы турар баар буолар, ону саха кулахы ойууна диэн ааттыыр
    А. Софронов
  • Истиэнэҕэ кулахы ойууна тыһыргыыр тыаһа кытта иһилиннэ. М. Доҕордуурап

«К» буукуба