ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куллурус

сыһыат, туохтуур

Нууччалыы держаться вместе, не отставая, не опережая друг друга

1 туохтуур #

Тутуспутунан элбэх буолан бииргэ сырыт, куотуспакка, хаалыспакка

Нууччалыы Держаться вместе, не отставая, не опережая друг друга

  • Уйаларын үрэйтэрбит Кутуйахтар муҥнаахтар Уһун синньигэс ороҕунан Куллуруһа усталлар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Көр бөҕөнү түһэрэн, Дьиэрэҥкэй тэбэн, Битиини мэччитэн, Холуоккалыы тутуһан, Куллуруһа оонньоон -- Ыамы куоттара сыһан Ыксаан-бөхтөөн Ыгылыйа сырса турдулар
    С. Зверев

2 этии #

Нууччалыы Якутская игра: все берутся за руки, а двое крайних (самые большие), подняв руки вверх, изображают ворота; на их крик: "күө-күө-күө!" все, начиная с маленьких, проходят друг за другом через эти ворота

  • Кулун куллурус - саха оонньуута: оонньооччулар илии-илиилэриттэн тутуһан тураллар, икки уһукка турааччы оҕолор сиэттиспит илиилэрин өрө уунан аан оҥороллор уонна күөрэччи "күө-күө-күө" дииллэр, атыттар кыраларыттан саҕалаан ол аанынан субуруһан тахсаллар Кырдал үрдүгэр уолаттар-кыргыттар дьиэрэҥкэйинэн тэбэн, атах тэпсэн, кулун куллуруһан, чохчоохойдуу-чохчоохойдуу эйээрэллэрэ олус да үчүгэй буолара.
    П. Ойуунускай
  • "Ааттаһабын, аҕастаар, балыстаар, - Айманна Куһаҕан Хоодьугур, - Куттанымаҥ, убайым кэлиэ ыраах, Кулун куллуруһа оонньуоҕуҥ!" М. Ефимов

«К» буукуба