Перевод с якутского
кунус
аат тыл
Нууччалыы земляная завалина вокруг юрты или зимнего хлева
1 аат тыл #
Дьиэ эркинин таһынан буор кутуу, хайыҥ
Нууччалыы Земляная завалина вокруг юрты или зимнего хлева (у самого основания)
Муус Суорун уорук Муҥнаах кунуһуттан Мултуйа үүнэн тахсыбыт Тиҥсири хара Тимир тиит.
П. ОйуунускайБастыҥ орон баһынан Балаҕан кунуһун анныгар Оттоох хорооҥҥо чөкү сытан, Оҕолотон улааппыт Оҕо мэник кутуйах - Арай таһырдьа тахсыбыт А. Бэрияк
2 аат тыл #
Үүнээйи, харамай тобохторо сытыйан буордуйбуттара
Нууччалыы Перегной, гумус
Уопуттан почваҕа үүнээйи (силис, сэбирдэх, умнас), бытархай үөн-көйүүр тобоҕо баарын быһаарбыппыт. Ол тобохтортон кунус үөскүүр. КЗА АҮө. Сайын устатыгар тэпилииссэ буорун үс-түөрт төгүл көбүтүллэр уонна кунуска эрбии көөбүлүн булкуйан икки-үс сэнтимиэтир халыҥнаахтык эбэн бэриллэр. ФНС О С. Русск гумус ‘перечной’
3 аат тыл #
Сон тэллэҕин түүлээх хадьааһына
Нууччалыы Нижняя меховая оторочка шубы, пальто
Кэрэ кулун тириитэ кунустаах таҥалай. ПЭК СЯЯ. Олоохуна өрүһүм Улуу хоҥсоор тыатыгар Тоҕуһугар диэри дуу торолуйбут буобура Муҥутуура кунустаах саҕынньах С. Зверев