Перевод с якутского
куолах
аат тыл
Нууччалыы зоб.
1 аат тыл #
Куурусса уонна мас көтөрүн куолайыгар ыйыстыбыт аһылыга тохтоон ааһар хабах курдук култаҕара
Нууччалыы Зоб. Ахпа-дьахпа курдук Аҥал-саҥал айаҕын Атан биэрдэҕинэ, Куолайын төрдүгэр, Куолаҕын иһигэр Топ гына түһэрэн -- биэрэллэр. П. Ойуунускай. Оҥоло куолаҕар алта уон-сэттэ уон устуука сиэмэни хаалаан баран сиргэ түһэр, ол сиэмэлэрин уон иккилии-уон биэстии устууканан көппөх анныгар кистэтэлиир. Я. Семенов
2 #
Бытыылка айаҕа
Нууччалыы Горлышко (бутылки)
Хоонньуттан иһит аҥара арыгыны хостоон. куолаҕыттан ыйырбахтаата. И. Гоголев Толору уулаах бытыылканы уу анныгар түҥнэри тутуллар уонна газ бырдьыгыныыр сиригэр бытыылка куолаҕар боруоҥканы уган, бытыылка иһинээҕи уу сороҕун гааһынан ыктаран таһаарар ДНА СХБКК