ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куорап

аат тыл

Нууччалыы кузов.

1 аат тыл #

Тэлиэгэ, массыына о. д. а. дьону, таһаҕаһы тиэйэргэ аналлаах хопполуу быһыылаах чааһа

Нууччалыы Кузов. Киэҥ куораптаах ат тэлиэгэтигэр кэккэлэһэ олордулар. В. Сыромятников. Тоҥ үүтү дьааһыктарга эбэтэр аналлаах куораптаах массыыналарынан тиэйэллэр. СЕТ ҮА

2 этии #

Куорап сохсо - икки өттө туруору саайыллыбыт мас тоһоҕолорго хаптаһыннары эбэтэр хайа охсуллубут мастары симэн оҥорбут сохсо (хоту кырсаны бултуурга тутталлар) Кырсаны бултуурга былыргыттан туттулларынан сохсо буолар. Маннык тииптээх сохсолор бааллар: 1) туундараҕа иитиллэр сохсо; 2) куорап сохсо; 3) хорууда сохсо; 4) ойуур сохсото. ТСКБ

Нууччалыы Один из видов пасти для песцов (боковые стенки делаются из досок или расколотых длинных чурок)

«К» буукуба