ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куормалаа

туохтуур

Нууччалыы править, управлять кормовым веслом

1 туохтуур #

Куорма эрдиинэн оҥочону салай

Нууччалыы Править, управлять кормовым веслом

  • Түөрт оҕо оҥочоҕо үлэлээтэ: икки оҕо эртэ, үһүс куормалаата, төрдүс муҥханы түһэрдэ.
    И. Данилов
  • Оҕонньор куормалыыр, оҥочо долгуну быһан, -- өрүс үөһүн диэки киирэн иһэр. В. Короленко (тылб.)

2 туохтуур #

Туох эмэ үлэтин, хаамыытын дьаһайан, салайан биэр

Нууччалыы Управлять, править ходом какого-л. дела

  • Максим биһикки үлэһит-хамначчыт дьон трибуннара, эрэллээх табаарыстара, кинилэр саныыр санааларын түмэн куормалыыр дьон буолбуппут.
    П. Ойуунускай
  • Кини [Логин] хайдах эрэ дьону барыларын түмэ тардан салайа, куормалыы сылдьарга дылы
    А. Сыромятникова

«К» буукуба