ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куоҕас

аат тыл

Нууччалыы гагара

English loon

Ис хоһооно · 5
I

1 #

куоҕай диэнтэн холб. туһ. Күөлгэ үгүс киһи мунньустан үлэлээн эрэллэр. Сорохторо куйуурдаан куоҕаһа тураллар. Амма Аччыгыйа. Тыалы кытта ыллаһан Куугунаһа куоҕаһар Толуу-лоҥкур мастардаах Чогдоот бэрдин буллулар. Күннүк Уурастыырап

II

2 аат тыл #

Хара эриэн дьүһүннээх, балыгынан аһылыктанар уу көтөрө

Нууччалыы Гагара. Анды, туотаайы, куоҕас эҥин тиһэх миэстэҕэ тураллар. Кинилэр балык амтаннаахтар. Далан. Куоҕас - үөл кус. Хара эриэн өҥнөөх, өрөҕөтө маҥан. АНК ТСТЗС

3 аат тыл #

Ойуун Үөһээ дойдуга абааһыны үтэйэригэр уонна сүөһүнү Үөһээ дойдуга атаарарыгар анаан туруоруллубут сэргэ иннигэр, үс ураҕас төбөтүгэр олордуллар мастан оҥоһуллубут, куоҕас курдук быһыылаах ойуун эмэгэтэ

Нууччалыы Деревянное изваяние гагары, насаживаемое на один из трех шестов, вбиваемых перед сэргэ во время церемонии проводов духа и жертвенной скотины в Верхний мир

  • Сотору-сотору ойуун куоҕастара, өксөкүлэрэ даллаһан тураллара көстөллөр
    Н. Якутскай

4 аат тыл #

Ойуун кумутугар (кыырар таҥаһыгар) иилиллэр тимиртэн оҥоһуллубут куоҕас ойуута

Нууччалыы Железная подвеска в виде гагары на шаманском костюме

5 этии #

Быытта куоҕас - саамай кыра куоҕас, көхсө күрэҥниҥи бороҥ, моонньун иннинэн кытархайдыҥы хоҥор түүлээх Быытта куоҕас буоллаҕына, төттөрү, айыы куоҕаһа диэн ааттанар. Багдарыын Сүлбэ. Таллан куоҕас - улахан куоҕас, көхсө үрүҥ эбирдэрдээх (ойуун куоҕаһа, киһиэхэ куһаҕаны аҕалыан сөп дии саныыллара былыргы сахалар). Чернозобая гагара (древние якуты считали зловредной шаманской птицей). Илимигэр биир таллан куоҕас иилистэн даллаахтыы сытар үһү. Амма Аччыгыйа. Киһи кутун-сүрүн баттыыр иччитэх дойдуга көтөр кынаттаахтан арай таллан эриэн куоҕастар, уйулҕалара тохтоон, олохсуйбуттар. Сэмээр Баһылай

Нууччалыы Краснозобая гагара

«К» буукуба