Перевод с якутского
курууска
аат тыл
Нууччалыы кружка.
English mug
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тутаахтаах ыстакааҥҥа маарынныыр (хол., ылтаһын) иһит
Нууччалыы Кружка. Тогойкин куруускатын уокка эргим-ургум туппахтаата, арыытын төлө охсон ылан хаарга уурда уонна хаары ыга таптайан, уокка туруорда. Амма Аччыгыйа. Тойон Турахин кыайан испэтэх арыгытын тобоҕо курууска түгэҕэр хаалбытын ылан биэрдэ. Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
Куруускаҕа кутуллубут убаҕас (уу, үүт о. д. а.)
Нууччалыы Мера жидкости (вода, молоко и т. д.), налитой в кружку
Биир курууска үүтү истим
3 аат тыл #
, кэпс. Хаартыга оонньооччулар кэриһэн быһар, мэтэйдиир, атыттара туруорар сүүйсүүлээх оонньуулара
Нууччалыы Вид карточной игры, в которой один из игроков по очереди сдает, а другие – ставят (обычно играют на выигрыш). – Дьэ, доҕоттоор, бачча түмсэн баран күөн көрсөн, күрэс былдьаһан тарҕастахпыт дии. – Оннук. – Дьухха Дьэргэ диэки көрбөхтөөтө. – Куруускаҕа ким киирсэр баарый!
Русск. курочка (карт. игра)
4 аат тыл #
, эргэр. Өрөбөлүүссүйэ иннигэр быста дьадайан эбэтэр үлэни кыайбат буолан, нэһилиэк эбэтэр аҕа ууһун иитимньитигэр киирбит киһи
Нууччалыы Человек, живущий из-за крайней бедности или нетрудоспособности за счет родовой или наслежной благотворительности
Тэҥн. кумалаан