ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кустук

аат тыл

Нууччалыы радуга.

English rainbow

1 аат тыл #

Ардах кэнниттэн халлааҥҥа көстөр араас өҥнөөх дугалыы быһыылаах сурааһын (күн сардаҥалара ардах таммахтарыттан тэйэриттэн үөскүүр)

Нууччалыы Радуга. Ахсым уоҕа ахсаан, Ардах ааһан, астан, Курдуу, курбуу курдук, Кустук тыкта тахсан. Күннүк Уурастыырап. Тугунан эрэ Ол сырдык кустук Эн ааккын, Эйигин, Санатар курдук. С. Данилов

2 аат тыл #

Үс муннуктуу быһыылаах сэриилэһэр ох төбөтө

Нууччалыы Боевая стрела или наконечник стрелы (преимущественно треугольной формы)

  • Убайа Биттэх ойуун көрдөҕүнэ: Соххор Дуурай түөһүттэн ох кустуктара быга сылдьаллар үһү. Саха сэһ. I. [Чурум Чурумчуку] Кустук оҕунан ону [кукаакыны] Ытан кууһуннарда. Эллэй. Хак. хоста фольк. 'Богатырская стрела, сама разящая врага; железный наконечник стрелы'

3 этии #

Нууччалыы Быть совершенно готовым к чему-л. (напр., к походу, бою)

Этиилэр

Кустук курдук куоһан (ох курдук оҥоһун)

туохха эмэ (хол.

  • , айаҥҥа, сэриигэ) барарга, кыттарга толору бэлэм буол Дьэ, мин кустук курдук куоһанан, ох курдук оҥосто кэллим эйиэхэ!
    Саха фольк
  • Ох курдук оҥоһун, Кустук курдук куоһан, Тоҕус тоҕойдоох, Толомон маҥан суолу Тобулан көр. П. Ойуунускай

«К» буукуба